Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа, аатырбыт снайпер Федор Охлопков 110 сааһыгар аналлаах «Снежный барс» өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай оонньуу Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, Лоомтукаҕа, кулун тутар 26-29 күннэригэр ыытыллар. Тэрээһини СӨ оҕо хамсааһынын сайыннарар киин уонна Мэҥэ Хаҥалас дьаһалтата иилииллэр-саҕалыыллар.
Оонньууга 8-11 кылаас үөрэнээччилэрэ кытталлар. Ол курдук, байыаннай-патриотическай кулууптар, орто оскуолалар хамаандалара күөн көрсөн илин-кэлин түсүһүөхтэрэ. Күрэхтэһии икки түһүмэхтээх. Бастакы түһүмэххэ улуустар икки ардыларыгар күөн күрэс буолуоҕа. Онно кыайбыттар иккис түһүмэххэ өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиигэ кыттар бырааптаналлар.
Оонньууга «АК-74» аптамааты ыһыыга уонна хомуйууга, аптамаат маҕаһыынын буулдьанан толорууга, сыалы таба ытыыга, 1000 миэтэрэҕэ сүүрүүгэ уо.д.а. күрэхтэһиэхтэрэ.
Кыайыылаах тахсыбыт хамаанда Бүтүн Арассыыйатааҕы«Кыайыы» байыаннай күрэхтэһиигэ кыттар быраабы ылыаҕа.
This post was published on 13.03.2018 12:30 12:30