«Смотри, это Россия!» куонкуруска 59 регионтан сайаапка киирдэ

«Смотри, это Россия!» бэһис Россиятааҕы куонкуруска видеороликтар киирэ тураллар. Бүгүн 277 сайаапканы дойду 59 регионуттан тэрийээччилэр туттулар, ол иһигэр ДНР уонна ЛНР. Ол туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Үбүлүөйдээх сезон Аҕа дойду улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылыгар ананар.

Сайаапка биэриигэ үс мүнүүтэттэн ордуга суох уһуннаах видеонан аккырыыкка оҥоһуллар уонна RuTube порталга ыытыллар.

This post was published on 29.10.2024 12:01 12:01