Ахсынньы 24 күнүгэр «Смотри, это Россия!» бүтүн Россиятааҕы видеонан аккырыыккалары оҥорууга оскуола оҕолоругар куонкурус түмүгэ таҕыста. Саха сириттэн көҕүлэнэн тахсыбыт тэрээһин быйыл бэһис төгүлүн ыытыллар уонна 33 тыһыынча оҕону дойду бары регионнарыттан түмтэ.
Быйылгы куонкурус Аҕа дойду улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылыгар ананна. Тэрийээччилэр эппиттэринэн, ордук элбэх сайаапка, былырыыҥҥы курдук, Донбасстан, Дьокуускайтан уонна Москваттан киирдэ.
«Бары кыттааччылары уонна кыайыылаахтары ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Эһиги — дойду регионнарын, модун Россия киэн туттуута уонна инники эрэлэ буолаҕыт», — диэтэ бэйэтин эҕэрдэтигэр Ил Дархан Айсен Николаев.
Билсиҥ кыайыылаахтар:
6-10 саастаахтарга
- «Инженерочка» хамаанда (Севастополь). Салайааччы: Марченкова Екатерина Михайловна;
- «Дедушкин портрет» хамаанда (Дьокуускай). Салайааччы: Обутова Александра Васильевна.
11-15 саастаахтар:
- «ГимназистыГео» (Ставропольскай кыраай). Салайааччы: Алексина Елена Юрьевна;
- «Экипаж» (Амма). Салайааччы: Яковлева Марфа Константиновна.
16-18 лет саастаахтар:
- «Пугачевцы» (Пугачев, Саратов уобалаһа). Салайааччы: Ольга Владимировна Тегай;
- «Патриоты наслега» (Улахан Аан, Хаҥалас улууһа). Салайааччы: Громова Надежда Петровна.
This post was published on 25.12.2024 10:06 10:06