8 Алтынньы 08.10
  • -0°
  • $ 96,06
  • 105,31

Ситимҥэ киирсэр Элгээйитээҕи «Оһуор» култуура киинэ

10:19, 16 февраля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үс сыл аннараа өттүгэр Ил Дархан Егор Борисов Сахабыт сирин бастыҥ үлэлээх, үрдүк көрдөрүүлээх, ситиһиилээх 15 култуура киинин биир ситимҥэ киллэрэн, сылын аайы 1-дии мөл. солк. грант олохтообута. Бу ситимҥэ Сунтаартан Элгээйитээҕи «Оһуор» култуура киинэ киирсэн, үс сыл устатыгар элбэх үлэ барда.


Аар-саарга аатырбыт улуу киһибит Сергей Зверев-Кыыл Уола ырыата-тойуга, үҥкүүтэ-битиитэ бу кулуупка төрүттэнэн, аан дойду таһымыгар биллибитэ. Сүдү киһибит кынаттаабыт кулууба өр сыл устата сулууспалаан баран, 2009 сылга хаарбах туруктаах эбийиэккэ киирсибитэ.

Норуот бэйэтин күүһүнэн көтүрэн, саҥа култуура киинин тутуута саҕаламмыта. «Саха сирэ 21 үйэҕэ» үтүө дьыала тосхолунан 11 мөлүйүөн, нэһилиэк 11 мөлүйүөн уонна улуус 3 мөлүйүөнү көрөн, 25 мөлүйүөннээх тутуу түмүктэнэн ааспыт сыл ыһыах күнүгэр үөрүүлээх арыйбыппыт.

Кулууп «Оһуор» диэн аатын 2012 сыллаахха ылыммыта. Үс сыл устата 3 мөл.солк. грант үбүнэн материальнай-техническай база тупсарылынна: театральнай кириэһилэ, аппаратура, миэбэл, аныгы олох ирдэбилинэн компьютер, принтер, ламинатор о.д.а күннээҕи түбүккэ, дьон сынньалаҥын тэрийэргэ туттуллар мал ылылынна.
Култуура киинэ нэһилиэк самодеятельноһын, саха фольклорун, сынньалаҥын тэрийэр, үөрэтэр-чинчийэр о.д.а хайысханан үлэлиир 14 үлэһиттээх, салайааччы СӨ култууратын туйгуна, Элгээйи нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Владимир Семенов. Улуус үрдүнэн алта «народнай» ааты сүгэр театр уонна коллектив баар буоллаҕына, онтон иккитэ Сибиэрэп ырыатын-тойугун, үҥкүүтүн салгыыр, сайыннарар коллектив буолар.

Кулууп музыкальнай оскуоланы, С.А. Зверев аатынан түмэли уонна Уйбаан Нуолур аатынан библиотеканы кытта бииргэ үлэлээн, элбэх соруктары ситиһэр. Ситиһии төрдө — сомоҕолоһууга.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА