Сирия, дорообо! «Азия оҕолоро» оонньуу бастакы кыттааччылара кэллилэр

Бүгүн сарсыарда Москваттан кэлбит рейсинэн норуоттар икки ардыларынааҕы VI –с “Азия оҕолоро” оонньууга Сирияттан кыттар спортсменнар кэллилэр. Делегация састаабыгар 50 киһи баар.


«Москваҕа тохтуу сылдьыбыт буоламмыт, айаммыт олус уһаата. Буолаары турар оонньууга күүскэ бэлэмнэнэн кэллибит, онон элбэх мэтээли ылар санаалаахпыт. Ордук боксаҕа уонна дзюдоҕа кыайыыга эрэллээхпит», — диэн хамаанданы арыаллаан иһэр Маула Лубна эттэ.

Кинилэри салгыы Олимпиада дэриэбинэтигэр илтилэр, онно оонньуу бүтүөр диэри олоруохтара.

Сирия сүүмэрэдэммит хамаандатыгар 20 уол уонна 11 кыыс киирдэ. Кинилэр боксаҕа, художественнай гимнастикаҕа, чэпчэки атлетикаҕа, саахымакка, дзюдоҕа, көҥүл тустууга, харбааһыҥҥа, тхэквондоҕа, остуол тенниһигэр уонна оҕунан ытыыга киирсиэхтэрэ.

Сирия хамаандата аан бастакытын «Азия оҕолоро» оонньууга 2012 сыллаахха кыттыбыта. Онно биир кыһыл көмүс, биэс боруонса мэтээли ылары ситиспитэ. Быйылгы оонньууга кэлбит сүүмэрдэммит хамаанда састаабыгар ыччат спартакидатын кыайыылаахтара киирбиттэр.

This post was published on 01.07.2016 10:38 10:38