Дьөһөгөй оҕото барахсан биһиги олохпутугар-дьаһахпытыгар ылар оруолун бары өйдүүбүт. Ол эрээри, бүгүн ордук тыҥааһыннаах кэм үөскээбитинэн, санаабын эттэхпинэ табыллар.
Туох барыта сиртэн саҕаланар
Сир — сүрүн баай. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бу боппуруос ситэ быһаарыллыбатаҕын түмүгэр, билигин сахалар, ис иһигэр киирдэххэ, туга да суох хааллыбыт диэн көрөбүн. Тоҕо итинник этэбиний? Быһаарыым. Билиҥҥи туругунан, улуустар уонна нэһилиэктэр дьаһалталара бэйэлэрэ бас билэр сирдэрэ суох. Бөһүөлэктэргэ уһаайба сирэ суох буолан, ойуур пуондатын сирин нэһилиэнньэлээх пуун сирин категориятыгар көһөртөрөн эрэ баран (ол сүүрүүтүгэр-көтүүтүгэр, түбүгэр-садьыгар хас да сыл наада) биэрэллэр. Аны Уһук Илин гектарын туһунан сокуон чэрчитинэн, нэһилиэк сирин ким баҕарар, хантан баҕарар көрдөөн ылар бырааптанна. Ити курдук, сир барыта чааһынайга бэриллэн үллэһиллэр кутталланна. Ис иһигэр киирдэххэ, олохтоох дьаһалталар Уһук Илин гектар сокуонун табыгастаахтык иэҕэн, сири-уоту бэйэлэригэр сыһыартаран, үлэни-хамнаһы тэрийэн, олохтоох дьону дьарыктыыр-дохуоттуур кыахтаахтар. Онуоха тирэҕинэн Дьөһөгөй оҕото буолар.
Өрүһүлтэбит – төрүт дьарыкпыт
Сылгы – сахалар, оттон таба – хотугу омуктар төрүт дьарыкпыт, үйэлээх үгэспит, олохпут-дьаһахпыт илгэтэ буолар уонна ону сайыннарар бырааппыт Төрүт Сокуонунан көмүскэнэр, мэктиэлэнэр. Ааспыт өттүгэр таба салаатыгар сыһыаннаан сир боппуруоһун быһаарыыга өрөспүүбүлүкэ таһаарыылаахтык үлэлэспитэ. Ол түмүгэр, төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар (эбээннэр, эбэҥкилэр, чукчалар, юкагирдар) сирдэрин-уоттарын таба сылдьар сирэ (среда обитания) диэн бэйэлэригэр сыһыартаран тураллар. Инньэ гынан, ити омуктар түөлбэлээн олорор түбэлэригэр көстүбүт сир баайын хостооһуҥҥа бырамыысыланнай хампаанньалар кинилэртэн көҥүллэтэн эрэ баран үлэлииллэр, оттон эмиэ төрүт дьарыгынан дьарыктанар сахалартан ыйыта да барбаттар. Итини тохтотор сыалтан өрөспүүбүлүкэ оччолорго бэрэсидьиэнэ Вячеслав Штыров Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2005 сыллаахха кыһын Дьокуускайга кэлэ сырыттаҕына, сылгыны үөрдээн иитиини төрүт салаа быһыытынан билинэргэ туруорсубутун үрдүкү салалта өйөөн, үлэ саҕаламмыта. Дьэ онно тута сөрөөн туран, Ил Түмэн сылгылаах улуустарга уонна нэһилиэктэргэ сири-уоту сылгы сылдьар сирэ диэн сыһыартарарга үлэлиэхтээҕэ кыаллыбатаҕа. Тоҕо кыаллыбатаҕын, онно ким буруйдааҕын биитэр туох мэһэйдээбитин билигин кэлэн быһаарар кыахпыт суох. Арай, ааспыт ыҥырыылаах Ил Түмэн дьокутааттара бу боппуруоска син үлэлэспиттэрин, билиҥҥи ыҥырыы дьокутааттара салгыы сылдьалларын билэбит. Туох эмит түмүгү ситиһиэхтэригэр эрэниэхпитин баҕарабыт. Норуот дьокутаата Владимир Прокопьев салайар Ил Түмэн Сиргэ сыһыаннаһыыга, айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа кэмитиэтэ үлэтин былааныгар киллэрэн, сири сылгыга сыһыарыы боппуруоһугар балачча үлэлэһэн, нэһилиэккэ баар сири-уоту барытын сылгы сылдьар сирэ диэн олохтоох дьаһалтаҕа сыһыартарыы бырайыагын оҥорон бэлэмнээтэ. Бу бырайыак билигин сөбүлэсиһиигэ сылдьар. Этэҥҥэ буолан, сокуон ылыллан бигэргэннэ даҕаны, биһиги, сахалар, сирдээх курдук буолабыт. Оттон билигин сиргэ, ити үөһэ эппитим курдук, туохпут да суох.
Сүүрбэ биэс гектар
Дьиҥинэн, сир кырсын (сир анна уонна онно туох баай баара барыта федерация бас билиитэ буолан маннык этэбин) бас билиигэ уонна сыһыартарыыга үлэ барбатах буолбатах, бэрт элбэх үлэ ыытыллан кэллэ. Холобур, төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктарга таба сылдьар сирин сыһыартарыыга биир күүстээх кыттыыны наука ылбыта. Наука академиятын Сибиирдээҕи салаатын Саха сиринээҕи институтугар үлэлиир наука дуоктара Андреев өссө Сэбиэскэй былаас сылларыгар биир табаны иитэргэ-аһатарга, көрөргө-истэргэ 20–25 гектартан итэҕэһэ суох сир тиксэрин дакаастаан, научнай сүбэни бигэргэппитэ, Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата буолбута. Таба сылдьар сирэ-уота ол научнай сүбэҕэ олоҕуран ааҕыллан, табаһыттарга сыһыарыллыбыта. Оттон биһиги төгүрүк сыл устата аһаҕас халлаан анныгар мэччирэҥҥэ, хаһыыга сылдьан бородууксуйа биэрэр аналлаах сылгыбытыгар науканан дакаастанан бигэргэммит нуорма суоҕа. Ону Саха сиринээҕи Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун үлэһитэ, наука хандьыдаата Револий Иванов 1994-1999 сыллардаахха ырытан оҥорон, 2000-2003 сыллардаахха Арассыыйа Сылгыны иитиигэ научнай-чинчийэр институтугар бигэргэппитэ. Инньэ гынан, бу хайысхаҕа научнай төрүт баар буолбута. Наука этэринэн, биир сылгы сылдьарыгар алааһын, сыһыытын, тыатын киллэрэн туран, 20-25 гектар сир наада. Итинэн сирдэтэн аахтахха, киэҥ сирдээх-уоттаах нэһилиэктэргэ сирдэрэ сөп буолар, оттон кыараҕас сирдээхтэргэ, холобур, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар, тиийбэт. Револий Иванов наука дуоктара буолбут бу боччумнаах үлэтин суолтата кэлэр өттүгэр өссө күүһүрэн иһиэҕэ. Сири сылгыга сыһыарары туруорсарбытыгар биһиги бу үлэҕэ тирэҕириэхтээхпит. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сүүрбэ биэстии гектарынан аахтахпытына, үс мөлүйүөҥҥэ диэри сылгы иитиллиэн сөп. Оттон күн бүгүн биһиги 200 тыһыынча кэриҥэ сылгылаахпыт. Тэрээһиннээх бөдөҥ хаһаайыстыбалар сылгыларын ыраах базаларга тутар буоллахтарына, бааһынайдар уонна чааһынайдар сылгылара, туох кистэлэ кэлиэй, бөһүөлэк сүөһүтэ буолан, хороҕор муостаах мэччирэҥин былдьаһа сатыы сылдьаллар. Ити көстүү устунан саха сылгыта айылҕаттан тутулугун сыыйа-баайа сүтэрэн, атын араас боруодалары кытары булкуһан, ыраас хаанын симэлитэригэр тиэрдэр кутталлаах.
Сокуон көҥүллүүрүн туһанан
Сир боппуруоһа, чопчулаан эттэххэ, сири сылгыга сыһыарыы элбэх боппуруоһу таарыйар. Бастатан туран, сылгы барыта бииргэ түмүллэн, ыраах учаастактарынан иитиллэр. Итинэн сылгы бөһүөлэктэн тэйитиллэр, быраҕыллан сыппыт учаастактар туһаҕа таһаарыллаллар, сылгыны көрөр-истэр тэрилтэ тэриллэн, эр дьон норматив быһыытынан үлэнэн хааччыллаллар. Хайа уонна саха сылгыта боруода быһыытынан уратытын чөлүгэр түһэрэр. Саамай сүрүнэ – Саха сирин олохтоохторо бэйэбитин көмүскэнэр сокуоннанабыт. Бу тыйыс айылҕалаах, уһун, тымныы кыһыннаах, кылгас сайыннаах уһук хотугу дойдуга сыспай сиэллээҕи иитэн-ууһатан кэлбит, аны да иитиэхтээх саха дьоно ойуур пуондатын сирдэригэр сылдьарбытыгар хотугу омуктар курдук, көҥүллээх буолуохтаахпыт. Төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар балыктыылларыгар, сир аһын хомуйалларыгар уо.д.а. кубуотанан туһаналлар дии, биһиэхэ эмиэ ол хааччыллыахтаах. Тоҕо диэтэххэ, биһиги Арассыыйа бырабыыталыстыбата көҥүллээбитин быһыытынан, бу сири бас билиигэ буолбакка, сыһыарыыга ыламмыт, төрүт салааларбытын сайыннарарбыгар туһанар бырааптаахпыт.
Түмүк оннугар
Үлэ бастакы түһүмэҕэ — ити. Сирбит быһаарылынна даҕаны, сылгыбытын хайдах быһыылаахтык көрөбүт-истэрбит туһунан тэрээһин боппуруостар күөрэйиэхтэрэ. Мин көрүүбэр, бу үлэни аахсыйаламмыт хампаанньалар эрэ кыайар кыахтаахтар. Онон, аныгыскы сырыыга аахсыйа туһунан кэпсэтиэхпит. Манна өссө биири: уу ресурсаларын, ол эбэтэр ууну уонна хаары өйдүөхтээхпит. Сылгы уулаабатаҕына табыллыбат, хаарга сылдьыбатаҕына сатаммат.
Василий Винокуров, экэниэмикэ наукатын хандьыдаата, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайтка анаан
This post was published on 26.11.2019 15:15 15:15