“Саха этигэн тыла” ютуб-ханаал аан ситим тылын-өһүн анаарар биэриитэ таҕыста. Бу биэрииттэн инстаграмҥа ийэ тылбытынан сэргэхтик суруйар ньымалары билиэххит. Тарҕаммыт алҕастары анаарыыттан этиилэри сааһылыырга, тылы сөпкө туттарга, таба суруйарга, тылбаастыырга үөрэниэххит, СИА «Сир түннүгэ» былаһаакката суруйар.
Аан ситим биир тарҕаммыт көрүҥэ инстаграм буолар. Ыстатыыстыка көрдөрөрүнэн, сурутааччы 85% тиэкиһи ааҕар. Киэҥ сири хабар буолан эйгэни кэҥэтэр. Үөрэтэр, сыаналыыр кыаҕы биэрэр, бырайыагыҥ салгыы сайдарыгар көмөлөһөр. Ол эрээри аан ситимҥэ сахалыы төһө сөпкө суруйабытый, таба суруйуу быраабылата тутуһуллар дуо?
Биллэрэр-көрдөрөр, саха үгэһин, сиэрин-туомун, устуоруйатын, баай култууратын көрдөрөр тиэмэлээх сахалыы суруйар сирэй аҕыйах эбит. Ол да буоллар, бэргэн этиилэри суруйар “@biiki_domokh”, cаха тылын туһунан “@sakha_tyla”, “@sakhasuola” сирэйдэри ааттыахха сөп. Хас биирдии омук инникитин санаан туран, кэм ирдэбилигэр сөп түбэһиннэрэн, маннык ис хоһоонноох суруйуулары төрөөбүт тылынан эмиэ сырдатарга дьулуһуохтаах. Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар култуураларын суруйар “@hupkutti” сирэй тылы, үгэһи үөрэтэр тосхоллоох. Бу биэриини көрүҥ, сэргээҥ, суруйтарыҥ!
Сигэтэ: https://www.youtube.com/watch?v=r5C_pYMgazI
This post was published on 29.12.2020 12:01 12:01