"Сир түннүгэ": Сахалыы таба саҥарыахха

“Саха этигэн тыла” сахалыы таба суруйарга, саҥарарга үөрэтэр ютуб-ханаалга саҥа биэриилэр таҕыстылар. Тылы таба суруйуу быраабылатын кэһиллиитэ уонна киэҥ эйгэҕэ сахалыы таба саҥарыы сатабылын тустарынан кэпсэттилэр. Ол туһунан СИА «Сир түннүгэ» былаһааккатыгар сурулунна.


Алҕастар: тылы сыыһа туттуу, таба суруйуу быраабылата кэһиллиитэ

Бу биэрииттэн хаһыаттарга таба суруйуу тылдьытын туһаныы хайдах киирэн иһэрин чинчийэн көрүү түмүгүн билиэххит. Ону тэҥэ үйэлээх үгэһи тутуһуу, тылы таба суруйуу быраабылаларын сиһилии өйдүөххүт.

https://youtu.be/gCuC2WzlWhk

Киэҥ эйгэҕэ сахалыы таба саҥарыы сатабыла

Холкутук саҥара-иҥэрэ үөрэммит киһи хайа баҕарар эйгэҕэ ситиһилээх буоларын билэбит. Онуоха хас биирдиибит ити дьоҕурун күн аайы эрчийэ, санаа атастаһыытыгар кытта сылдьыахтаах эбит. Киһи бэйэтин хайдах саныыр да, оннук буолар. Бу сатабылы баһылыырга, сөпкө саҥарарга тугу билиэхтээхпитий? Ол туһунан бу биэрииттэн үөрэниэххит.

This post was published on 29.10.2020 10:01 10:01