Чинчийээччилэр үһүйээннэри үс сүрүн бөлөххө араараллар: “Саха төрүттэрин туһунан сэһэннэр”, “Аҕа уустарын баһылыктарын туһунан сэһэннэр”, “Манчаары туһунан сэһэннэр”. «Саха суола» ютуб-ханаал уочараттаах биэриитигэр саха омук төрдүн туһунан “Омоҕой Баай уонна Эллэй Боотур” диэн сэһэнтэн билиэххит, СИА «Сир түннүгэ» былаһаакката суруйар.
Уостан уоска бэриллэн испит сэһэни олоҥхоһут, Саха сирин үтүөлээх этээччитэ Николай Афанасьев-Айдаман быһа тардан кэпсиириттэн саха төрүт билиитин, Эллэй ыыппыт аан маҥнайгы уйгу тунах ыһыаҕын сиэрин-туомун анаарыаххыт.
К.Д. Уткин аатынан Ньурбатааҕы Норуоттар доҕордоһууларын түмэлин эспэнээттэрин холобуругар бу үһүйээҥҥэ баар туттар мал-сал аатын билиэххит. Саха үһүйээннэригэр кэпсэнэр сиэртэн-туомтан устуоруйа кистэлэҥнэрин арыйыаххыт.
Саха сэһэннэригэр кэпсэнэр дьон туһунан устуоруйа билимин хандьыдаата В.В. Ушницкай санаатын маннык бэлиэтээн турар:
— Саха үһүйээннэригэр истиэп устун көһө сылдьыбыт биис уустар ааттара төрүт дьон аата буолан кэпсэнэллэр. Өбүгэбит аата Эллэй “эль” диэн биис уустар холбоһуктарын (сойуустарын) бэлиэтиир түүр тылыгар чугас. Онтон Омоҕой эһэбит аата омог (обок) диэн монгуол тыллаахтарга, «ыал», «аҕа ууһа» диэн өйдөбүллээх тыллартан тахсар. Аны туран, Эллэй уолаттарыттан саха аҕа уустара үөскээбиттэрэ диэн буолар. Ол уолаттарын аата: Хаайа-Ханылы, Хатан Хатамаллай, Болотой Оххон, Баргы Баатыр, Баараҕай Байаҕантай. Ити боотур дьон ааттара Улуу Истиэп биис уустарын аатыгар маарыҥныыр. Холобур, канглы, котан (кидань, кытай), болот, баргу, байаут-байыркы диэн этнонимнар. Онон ити биис уустара саха төрүттэринэн буолаллар.
Саха номоҕор ахтыллар өбүгэбит Татаар Тайма Иһинээҕи Монголияҕа Буир-Нур күөл тула олорбут татар биистэрин кытта ситимнээх. Ол татаардар тобохторо саха номоҕор кэпсэнэрин курдук Байкал күөл таһыгар күрээбиттэрэ илиҥҥи суруктарга бигэргэтиллэр. Ол иһин Иркутскай уобалас Братскай эрэ таһыгар буолбакка, Иһинээҕи Монголияҕа көстүбүт татаардар археологическай култуураларын кытта билсиһии эрийиллэр.
Саханы саха дэппит хаҥаластар, боотулуулар, боотур уустар, бөтүҥнэр соҕурууҥҥу төрүттэрин элбэх сыл үөрэттибит. Ордук элбэх ыстатыйаларбыт хоролор, урааҥхайдар, туматтар туһунан Эмиэрикэҕэ, Новосибирскайга, Иркутскайга тиийэ тахсан тураллар. Эллэй уонна Омоҕой туһунан номохтор Байкал таһыгар күрээн кэлэн олохсуйа сылдьыбыт тумат, татаар биистэрин, Чыныс Хаан импиэрийэтэ, Саха тойотторо туспа кылаас быһыытынан үөскээһиннэрэ Тыгын туһунан номохтору кытта быһаччы сибээстээх. Ол иһин Кыһыл Көмүс Ордуу уонна Улуу Моҕол импиэрийэтэ үөскээһинин үөрэтиигэ эмиэ кыттыһабыт…
Сигэтэ: https://youtu.be/oFSVXv5O440
This post was published on 14.12.2020 18:02 18:02