"Сир түннүгэ". Остуоруйа тылын суолталарын билсиҥ

СИА «Сир түннүгэ» былаһааккатыгар бииртэн-биир ураты тыыннаах суруйууларын таһаарар. «Саха суола» ютуб-ханаал «Тыл оонньуута» түһүмэҕэр «Остуоруйа тылдьытыттан» диэн саҥа биэрии таҕыста. Ол туһунан бүгүҥҥү таһаарыыга.


Санатар эбит буоллахха, «Тыл оонньуута» түһүмэххэ эргэрбит тыллар суолталарын быһаарыы оонньуу халыыбынан таһаарыллар. Бу сырыыга остуоруйа тылын тылдьытыттан тыллар суолталарын билиэххит.

“Остуоруйа” диэн тиэрмин 30 с.с. чинчийээччи Андрей Александрович  Попов уонна суруйааччы Дмитрий Кононович Сивцев саха остуоруйаларын чинчийбит үлэлэригэр тыллары туттууларыттан саҕаламмыт. Сахаҕа манна сыһыаннаах тыллар монгуол тылыттан киирбиттэр. Холобур, сахалыы сэhэн ‛устный рассказ, история, передающаяся из поколения в поколение, предание’ <*seče-n ‘мудрый, умный’, п.-мо. sečen, čečen [EDAL, 2003: 1195]; оттон домох ‘притча, сказка, легенда’ <*dom, *domag 1 ‘колдовство’ 2 ‘легенда, сказка’, п.-мо. dom 1, domaɣ 2 [онно: 888].

«Тыл оонньуутун» бу биэриитигэр «Чыырыы Чыппан» диэн норуот остуоруйатын уонна онно баар эргэрбит тыллар суолталарын быһаарыы таҕыста. Бу сигэнэн https://youtu.be/YrSutaMlfg0 киирэн көрүҥ, сэргээҥ, сэҥээриҥ.

This post was published on 10.11.2020 16:01 16:01