"Сир түннүгэ": Киэҥ эйгэҕэ сахалыы саҥарыы сатабыла

СИА «Сир түннүгэ» түһүлгэтин салгыыр. Саҥарар сатабылы баһылыырга тугу билиэхтээхпитий, бэйэ ис кыаҕын арыйарга, сайыннарарга, хайдах дьарыктаныахпытын сөбүй? Бу туһунан “Саха этигэн тыла” ютуб-ханаалга саҥа биэрии таҕыста.


Сахалыы холкутук, сөпкө саҥара-иҥэрэ үөрэммит киһи хайа баҕарар эйгэҕэ ситиһилээх буоларын билэбит. Онуоха хас биирдиибит бу дьоҕурун күн аайы эрчийэ, санаа атастаһыытыгар кытта сылдьыахтаах эбит.

“Саха этигэн тыла” ютуб-ханаал бу биэриитигэр “Тыл оонньуута” түһүмэҕиттэн олоҥхоҕо туттуллар тыллартан боотур тэрилин ааттарын билиэххит, оонньуу түргэнник уонна сөпкө толкуйдуурга үөрэтиэ. Тыл саппааһын байытарга чопчу сорудахтары ылан, хоруйдаргытын ыытан билиигитигэр билии эбиниэххит.

Көрүҥ, сэргээҥ, сэҥээриҥ!

Сигэтэ https://youtu.be/0N_7GIB2rLE

This post was published on 30.03.2021 13:01 13:01