«Сир симэҕэ-сибэккилэр - 2017»

Россияҕа Экология, Дьокуускайга үтүө дьыала сылыгар аналлаах ырыа, үҥкүү II аһаҕас күрэхтэһиитин балаһыанньата.

Тэрийээччилэр: Тулагы-Киллэм нэһилиэгин дьаһалтата, Дьокуускай куорат «Дьүһүй» сахалыы ырыа авторскай кулууба, «Киин куорат» эрэдээксийэтэ, «Түһүлгэ» култуура уонна сынньалаҥ киинэ.

Ыытыллар күнэ: Ыам ыйын 20 күнэ 2017 сыл. 14.00 чаас.

Ыытыллар сирэ: Тулагы-Киллэм нэһилиэгэ, Кумахтаах сирэ.

Сыала-соруга:

-Саха Сирин кэрэ үүнээйитин – сибэккини харыстыыр уонна өрө тутар аналлаах;

-Талааннаах ырыаһыттары, үҥкүүһүттэри кэрэ эйгэҕэ сыһыарыы, таһымын үрдэтии;

— Ырыа айааччылар айымньыларын ис кыаҕын, талааннарын арыйыы.

Күрэс ирдэбиллэрэ:

— Күрэскэ 18-тан үөһээ саастаах биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн кытталлар, муусуканан доҕуһуола (фонограмма, баян, гитара), ырыатын киэргэлэ көҥүллэнэр. Сценаҕа кэтиллэр таҥаһа-саба, толорор таһыма, айар дьоҕура, ырыа ис хоһооно, сценическай дьайар күүһэ үрдүктүк сыаналанар.

— Кыттааччы биирдии ырыаны, үҥкүүнү толороро ирдэнэр. Россияҕа Экология сыла биллэриллибитинэн, Саха Сирин кэрэ айылҕатын кэрэхсээн, дьүһүйэр, хоһуйар ырыа, үҥкүү ирдэнэр. Сибэккини хоһуйуу, саҥа айыллыбыт ырыаларга улахан болҕомто ууруллар.

Кыттыы усунуоһа:

Биирдиилээн толорооччуга 300 солк. Бөлөҕүнэн толорууга хас биирдии киһиттэн 200 солк. Устудьуоннарга 200 солк.

Күрэс бырагыраамата:

Мустуу, бэлиэтэнии: 11.00 ч.

Күрэхтэһиини көрүү: 14.00 ч.

Наҕараадалааһын:

Кылаан бириис, 1,2,3 ст. дипломнар, анал ааттар иҥэриллэллэр. Хас биирдии кыттааччыга туоһу сурук туттарыллар.

Сайаапкалары ыам ыйын 20 күнүгэр диэри тутабыт. Кэлэр-барар айанын, аһылык ороскуотун кыттааччы бэйэтэ уйунар.

Билсэр төлөпүөннэргит: Тулагы «Түһүлгэ» КуСК 20-71-38, 89969148356 (ватсап).

Тэрийэр бөлөх

This post was published on 12.05.2017 16:11 16:11