Саха сирин олохтоохторо нолуоктарын чугастааҕы пуочта дьиэтигэр баран эбэтэр дьиэҕэ пуочта үлэһитин ыҥыран төлүөхтэрин сөп. Сыл саҕаланыаҕыттан пуочта үлэһиттэрэ мобильнай кассовай терминал көмөтүнэн дьиэҕэ өҥөнү ылыылара биллэ элбээбит.
«Пандемия кэмигэр пуочта тэйиччиттэн оҥорор өҥөлөрүн элбэттэ оттон үлэһиттэр харыстанар миэрэлэри тутуһан үлэлииллэр. Үлэһити дьиэҕэ 8-800-1-000-000 нүөмэринэн (кэпсэтии босхо) төлөпүөннээн ыҥырыахха сөп эбэтэр биэнсийэ ылар күҥҥэ, заказной суругу туппут күҥҥүтүгэр төлүөххэ сөп», — диэн пуочта Саха сиринээҕи салаатын салайааччыта Петр Птицын этэр.
Саха сирин үрдүнэн 431 пуочта салаата баарыттан 332-тэ — тыа сиригэр. Итинтэн 144-дэ мобильнай кассовай терминаллаах. Терминаллар көмөлөрүнэн пуочта үлэһиттэрэ сайаапка быһыытынан нэһилиэнньэҕэ араас өҥөнү оҥороллор.
Бу сыллааҕы сир, баай-дуол, тырааныспар нолуоктарын төлүүргэ пуочта үлэһитигэр нолуогабайтан кэлбит реквизиттардаах иһитиннэрии-кумааҕыны көрдөрөн, төлүөххэ сөп. Нолуогабайтан сурук алтынньыга пропискалаах сиргитинэн кэлиэ, өскөтүн хаһаайын дьиэтигэр суох түгэнигэр пуочта үлэһитэ биллэрии сурук хаалларыа. Кэлин онон пуочта салаатыттан суругу ылыахха сөп.
This post was published on 20.10.2020 17:01 17:01