Синоптиктар Дьокуускайга уонна кэккэ улуустарга этиҥнээх ардах түһэрин биллэрдилэр

Фото: Андрей Сорокин, ЯСИА

Дохсун самыыр уонна этиҥ, күүстээх тыал субуотаҕа, от ыйын 8 күнүгэр, түһэрэ күүтүллэр, ол туһунан УГМС тэрилтэ синоптиктара эттилэр.

Кэлэр сууккаҕа Эбээн-Бытантай, Дьааҥы, Томпо, Уус Алдан, Таатта, Чурапчы, Амма, Уус-Майа, Эдьигээн, Кэбээйи, Нам, Горнай, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Алдан, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү оройуоттарыгар, Дьокуускайга уонна куорат тулатыгар дохсун ардах уонна этиҥ этиэҕэ.

Этиҥ түһэр кэмигэр тыал түргэнэ 15-20 см.

Дьокуускайга түүн температура +16…+18 кыраадыс. Күнүс +20…+22. Киин оройуоттарга күнүс +21…+26, илин, соҕуруулуу-илин, соҕуруу — +26…+31, хотугулуу-илин —  +15…+20, хоту — +5…+10.

This post was published on 07.07.2023 16:33 16:33