Кытай «Синагидро» компанията Өлүөнэ өрүһү туоруур муостаны тутар толору кыахтаах уонна уопуттаах. Ити туһунан Евразия департаменын дириэктэрин солбуйааччы Чэн Шицзюнь муоста тутуллуохтаах сирин көрө сылдьан эттэ.
«Суолу, муостаны, тоннелы тутууга компания улахан уопуттаах. Онон Өлүөнэ өрүһү туоруур хаачыстыбалаах муостаны тутуохпут . Билигин Уһук Хоту усулуобуйаҕа үлэлиир Россиятааҕы коллегаларбытын кытта кэпсэтии бара турар», —диэн суруналыыстарга Чэн Шицзюнь эттэ.
Итини таһынан олохтоох бырайыактыыр институт үлэһиттэрин кытта хардарыта дьайсан үлэлиир сорук турар. Ити тутуу матыраайыланан хааччыйар тэрилтэлэргэ сыһыаннаах.
«Экономическай өттүнэн Россияҕа да, Кытайга да барыстаах бырайыак», — диэтэ Чэн Шицзюнь.
«Синогидро» компания былырыын күһүҥҥэттэн бу бырайыагы интэриэһиргиир. Москваҕа буолбут кэпсэтиилэр кэннилэриттэн консорциум үөскэтиллибитэ. «Синогидро» бэрэстэбиитэллэрэ Саха сиригэр аан бастакыларын кэллилэр.