Сииктээх хотонтон — таас уораҕайга

Амма улууһугар 2018-2022 сылларга сүөһү турар  7 комплекса тутуллан үлэҕэ киирбиттэрэ. Бу тутуулары ыытыыга уопсайа 121 881,83 тыһ. солк субсидия кэлбитэ. Ол иһигэр федеральнай бюджеттэн 19583, 9 тыһ солк. Ол иһигэр «Болугур» хаһаайыстыбаҕа эмиэ саҥа хотон киирбитэ.

“Болугур” тыа хаһаайыстыбатын кооперативнай хаһаайыстыбата 2020 сыллаахха саҥа аныгылыы тииптээх хотону үөрүүлээхтик аспыта. Бу иннинэ сииктээх, эргэ хотоҥҥо үлэлии сылдьыбыт үлэһиттэр үөрүүлэрэ муҥура суох этэ.

Ааптар: “Амма олоҕо” хаһыат

This post was published on 18.08.2023 16:16 16:16