Суһал медицинскэй көмөҕө, ыарыһаҕы көрүүгэ-истиигэ сиэстэрэлэр оруоллара олус улахан.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһаҕа-Суһал медицинскэй көмө киинигэр 546 медицинскэй сиэстэрэ үлэлиириттэн 42-тэ сиэстэрэ үрдүк үөрэҕин бүтэрбитэ, 15 киһи ХИФУ-га сиэстэрэ үрдүкү үөрэҕэр үөрэнэр.
Доруобуйа харыстабылын сайдыытын национальнай бырайыага сиэстэрэ үлэтигэр кэккэ уларыйыылары ирдиир. Ол да иһин, сиэстэрэ дьыалатыгар аналлаах конференциялар уонна семинардар тиһигин быспакка ыытыллаллар, сиэстэрэлэр сертификат ылаллар, балыыһа Дьокуускайдааҕы медицинскэй колледжы кытары бииргэ үлэлиир.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа пресс-сулууспатын салайааччы Айталина Аксенова иһитиннэрбитинэн, Суһал медицинскэй көмө киинигэр медицинскэй сиэстэрэ күнүн сыл аайы үөрүүлээх быһыыга-майгыга бэлиэтииллэр.
Ол курдук, бу күн бастыҥ үлэлээх сиэстэрэлэри эҕэрдэлээтилэр уонна наҕараадалары туттардылар. «СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна» бэлиэнэн медицинскэй сиэстэрэлэр Александра Тарская, Софья Сыроватская, Ольга Кононова, Анна Егорова наҕараадаланнылар. Балыыһа отделениеларын бастыҥ үлэлээх сиэстэрэлэригэр СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин грамоталара туттарылыннылар. Үгүс сылларга сиэстэрэнэн үлэлээбит, балыыһа сайдыытыгар биллэр кылааттарын киллэрбит маҥан халааттаах аанньалларга «Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа бэтэрээнэ» дастабырыанньаны туттарыы үтүө үгэскэ кубулуйда.
This post was published on 16.05.2016 16:31 16:31