Угаайылаах өйдөөх, суобаһа суох түөкүттэр Ленскэйгэ эмиэ биир эмээхсини албыннаатылар. Сэттэ уонус хаарын уулларбыт кырдьаҕас киһи дьоҥҥо итэҕэйимтиэтиттэн 150 тыһ. солк. уордарбытын туһунан полицияҕа бэйэтэ тыллаабыт. Бу туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Биллибитинэн, бу Витим бөһүөлэгин олохтооҕун дьиэтээҕи төлөпүөнүгэр биир киһи эрийэн, кини сиэнэ буолан кубулунан кэпсэппит. Суол быһылааныгар түбэстим, харчы наада диэбит. Уонна төлөпүөн туруупкатын «силиэдэбэтэлгэ» биэрбитэ буолбут, анараата кырдьык-хордьук «сиэниҥ киһини тэбистэрдэ, дьыаланы сабарга 150 тыһ. солк. харчыны каартаҕа ыыт» диэбит.
Эмээхсин иһиттиэм-истибэтиэм диэбиттии, сиэнин быыһыы охсоору, көрдөөбүт харчыларын ыыппыт уонна чиэгин быраҕан кэбиспит. «Саатар куолаһа үкчү сиэним курдук этэ» диэхтээбит кини, полицияҕа кэпсииригэр.
Бааҥҥа аймаҕын көрсөн, туох буолбутун кэпсээбит. Онуоха аймаҕа кинини полицияҕа тыллыырга уонна сиэнигэр эрийэ сылдьарыгар сүбэлээбит. Биллэн турар, сиэнэ туохха да түбэспэтэх, барыта этэҥҥэ.
Бу чахчынан процессуальнай бэрэбиэркэ ыытыллар.
Ааспыт сылга ис дьыала уорганнарын силиэдэбэтэллэрэ буруй бу көрүҥүнэн 770 холуобунай дьыаланы силиэстийэлээбиттэриттэн (сорохторо бу сылга көһөн биэрдилэр), 532-тэ түөкүннээһиҥҥэ сыһыаннаахтар, 238-һа – баан счетуттан уоруу. Интэриниэти уонна суотабай төлөпүөнү туһанан 643 буруй оҥоһуллубут.
Онон, полиция сэрэтэр:
*Өскөтүн ким эрэ итинник эрийэн дуу, смс-иһитиннэрии ыытан дуу, чугас киһиҥ дьыалаҕа түбэспитин, ол онтон быыһыырга харчы наадатын туһунан эттэҕинэ: бастатан туран, ол чугас киһигэр эрийэн, кини ханна баарын билиэхтээххин. Өскөтүн төлөпүөнүн ылбат буоллаҕына, ол эрийбит киһиттэн аймаххын полиция ханнык отделыгар илдьибиттэрин ыйытан баран, ол отдел дьуһуурунай чааһыгар эрийэн, оннук ааттаах киһини итиннэ аҕалбыттарын-суоҕун, ким ол дьыаланан дьарыктанарын бил. Ону тэҥэ, чугас киһиҥ ханна баарын билиэн сөптөөх дьоҥҥо (доҕотторугар, аймахтаргытыгар, бииргэ үлэлиир дьонугар) эрийэн, эмиэ ыйыталас.
*Өскөтүн суотабай төлөпүөҥҥэр “бу счекка харчыта ыыт” диэн билэр киһиҥ аатыттан смс-иһитиннэрии кэллэҕинэ, ол нүөмэргэ эрийимэ, эрийдиҥ эрэ счеккуттан харчыгын устуохтара. Итинник смс-иһитиннэриилэр үксүгэр атын регионнартан кэлэллэринэн, нүөмэр кодун болҕойон көр.
*Өскөтүн ханнык эрэ радиостанцияттан бириис сүүйбүтүҥ, ону кэлэн ыларыҥ туһунан иһитиннэрии кэллэҕинэ, бастаан ол радиостанцияҕа эрийэн ыйыталас, тугун-ханныгын бил. Ханнык да радиостанция лотерея оонньоторугар харчы көрдөөбөт.
*Өскөтүн төлөпүөҥҥэр эн нүөмэргин спам-тарҕатыыттан көмүскүүр эбэтэр суотабай оператор ыытар акциятыгар кытын диэн этиилээх смс-иһитиннэрии кэллэҕинэ, итэҕэйимэ – ыйбыт ссылкаларын баттаан, ити “босхо” көмө иһин 100-150 солк. сүтэриэҥ, оттон спам-тарҕатыы син биир кэлэ туруо.
*Өскөтүн “суотабай оператортан эрийэбит, счеккун толороргор бааныҥ каартатын пин-кода наада” диэтэхтэринэ, олох итэҕэйимэ, киирэн биэримэ!
Сэрэххитин сүтэримэҥ, болҕомтолоох буолуҥ! Итинниккэ түбэстэххитинэ, полицияҕа тыллааҥ!
This post was published on 09.06.2017 17:15 17:15