Сиэллээх Аартык Хатас дьонун-сэргэтин ыһыахха түмтэ

Хатаска Сиэллээх Аартыкпыт барахсан быйылгы 2022 сыллаах ыһыахпытыгар дьонун -сэргэтин ахтыбытын биллэрэрдии сайыҥҥылыы моһуонун ылынан ситэри симэнэн, киэркэйэн солкоҕо сууланан көрүстэ. Хатыҥнарбыт хас биирдии кэлбит киһини лабааларынан кууһардыы таарыйан, имэрийэ, күлүкпэр киир диирдии сөрүүнүнэн илгийэн тураллара көрөргө үчүгэй да этэ, диэн суруйда СИА-ҕа Наталья Руфова.

Бу суруйууга “Түмсүүлээх түһүлгэ” диэн көрүүнү сырдатан ааһыаҕым. Эрдэттэн балаһыанньа быһыытынан ордук туохха болҕомто ууруохтаахтарын, туох тиэмэни арыйыахтаахтарын билэр буоланнар, этэргэ дылы, тиискэ тиийэ сэбилэниилээх бэлэмнэнии буолан көрүөхтэн кэрэ көстүү буолбут.

— “Прогресс” ХЭХ – Пинигин А.С.
— “Сахатранснефтегаз” — Васильев Н.Н.
— “Ситим” норуот айымньытын дьиэтэ – Стручкова С.Т.
— ПТСК – норуокка ааттанарынан ЖКХ – олох-дьаһах хаһаайыстыбата – Егоров М.В.
— 70 нүөмэрдээх “Кэрэчээнэ” оҕо уһуйаана – Николаева Г.С.
— П.Н. уонна Н.Е.Самсоновтар ааттарынан оскуола – Слепцов Н.В.
— Хатастааҕы оҕо искусствотын оскуолата – Лемешева Х.Н.
— Хатастааҕы И.Д.Панаев аатынан модельнай библиотека — Егорова Е.В.
— 8 нүөмэрдээх баһаарынай чаас – Гаврильев Н.Н.
— «Хатас» сопхуос бэтэрээн оҕуруоччуттара (Табаҕаттан, Пригородтан кэлэн туран) – Турик Е.П.Корякина Р.И.
— “Баҕарах” ХЭХ – Сивцев И.К.
— Хатастааҕы участковай балыыһа – Брусенина Е.С.

100 да киһилээх, 5 да киһилээх кэлэктииптэр бааллар. Бары бу тэрээһиҥҥэ болҕомтолорун ууран, баардарын суохтарын мунньан, бастыҥнарын-мааныларын көрдөрөрдүү хомунан-тэринэн кэлбиттэрэ түмсүү-сомоҕолоһуу баарын тулхадыйбат туоһута.

Саха дьонун сиэринэн ас-үөл өттө олох дэлэй. Ас-үөл өттүгэр дьүүллүүр сүбэ ордук дэҥҥэ астанар уонна бэлэмнээн оҥорорго уустук технологиялаах астар балыыһа кэлэктиибигэр баарын бэлиэтиир. 1957 сыллаахха тэриллибит “Хатас” сопхуос оҕуруот аһын үүннэриинэн дьарыктаммыт салаатын бэтэрээннэрэ чугас сытар Табаҕаттан, Пригородтан хомуйсаннар кэлбиттэрэ санааны манньытар. Хаһан да буоларын курдук астара-үөллэрэ дэлэй, сүрдээх үчүгэй бөрүөктээхтэр. Быыстапкалара төрүт иистэн саҕалаан күн талбыта барыта баар. “Баҕарах” ХЭХ этэргэ олохтоохтук оҥостон, дорҕоонноохтук тэринэн таҥнан-саптан анал эҕэрдэ тэрээһиннээх, эстрада сулустара кэнсиэрдээх, ыҥырыллыбыт ыытааччылаах бэрт сэргэх түһүлгэлээх.

Арассыыйаҕа олохтоох норуоттар култууратын, уус-уран оҥоһугун нэһилиэстибэтин сылыгар анаммыт харах халтарыйар быыстапкалара бааллар. Бу хайысхаҕа сылы быһа ситимнээх, систиэмэлээх үлэ бара турар буолан бу өттүгэр ханнык баҕарар үрдүк таһымнаах тэрээһиннэргэ, быыстапкаларга кыттарга сөптөөх үлэлэр кэккэлээбиттэр. Тэрилтэлэр биир тыыннаах , түмсүүлээх буолууларын биир истииллээх, эбэтэр олох биир көстүүмнээхтэрэ өссө бигэргэтэр, кэпсиир. Ол мөккүөр буолбатах. Манна “Прогресс” ХЭХ, “Ситим” норуот айымньытын дьиэтэ, ХОО, “Кэрэчээнэ” дьыссаат, Оҕо искусствотын оскуолата бэртээхэй бэлэмнээхтэр.

Түмүк маннык буолла:

– 1 миэстэҕэ 70 нүөмэрдээх “Кэрэчээнэ” дьыссаат таҕыста уонна Макаров Е.П. салайааччылаах “Чистая вода” тэрилтэ бирииһин тутта.
— 2 миэстэни “Ситим” норуот айымньытын дьиэтэ ылла уонна “Прогресс” ХЭХ бирииһин ылла.
— 3 миэстэни П.Н. уонна Н.Е.Самсоновтар ааттарынан оскуола буолла уонна Госдуума депутата Козлова П.А. бирииһин ылла.

Хатаспыт чэлгийэ сайдарын туһугар үлэлиир-хамсыыр тэрилтэлэрбит бэйэлэрин тус анал түбүктээх үлэлэрин таһынан субу курдук уопсастыбаннай тэрээһиннэргэ олус көхтөөхтүк кытталлара хайҕаллаах уонна махталлаах суол. Ыһыахпыт улахан күрэхтэрэ, көрүүлэрэ тэрилтэлэрбит ааттарыттан киирдилэр. Манна бары да күүскэ үлэлэстилэр.

Быйылгы ыһыахха 8 нүөмэрдээх баһаарынай чаас көхтөөх-иллээх кэлэктиибэ барытыгар кытынна. Бу тэрилтэ үлэтин чэрчитинэн үлэһиттэриттэн эт-хаан сайдыытын, бэйэни кыанар буолууну кытта түргэн-тарҕан быһаарыныыны ылынар өркөн өйү ирдиир. Ол да иһин буолуо, кинилэр ортолоругар спорт араас көрүҥнэригэр өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ааттанар дьонноох. Элбэхтэн аҕыйаҕы ааттаан ааһар буоллахха Эдуард Ксенофонтов экстремальнай усулуобуйаҕа сүүрүүнэн дьарыгыран кыайыы кынатыгар олорсубута, үөрүү өрөгөйүн билбитэ, Андрей Антонов профсоюз лидерэ, остуол тенниһигэр кэккэ улахан көрдөрүүлэрдээх буолан, түһүмэх бөҕөтүн ааһан төрөөбүт үөскээбит Ньурбатын улууһун аатыттан хомуур хамаандаҕа киирбитэ (сүрүн үлэтин таһынан) уонна бэйэлэрин аналлаах үлэлэрин чэрчитинэн күрэхтэргэ дьон кэннигэр саспакка, инникилээбит киһи тилэҕин көрбөккө бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьаллар. Манна салайааччы Гаврильев Николай Николаевич болҕомтотун уурбут. Кинилэр ааттарыттан “Баҕарах бөҕөстөрүгэр” Андреев Дьулус, “Күннэйэ Хотуҥҥа” Сардаана Сосина кытыннылар, түһүлгэни көрүүгэ эмиэ кэлэктиип олус көхтөөхтүк кытынна: таҥас-сап тэринэн, ас-үөл астанан. ПТСК — “Пригородная теплосетевая компания” Хатастааҕы отделениетын салайааччыта Егоров Михаил Владимирович быйыл сааскыттан үлэлиир. Бэрт соторутааҕыта бу улахан тэрилтэ уопсай ыһыаҕар бараннар баалларын биллэрэн кэлбиттэрэ. Бэҕэһээ нэһилиэкпит ыһыаҕар кыах баарынан тэрилтэ быһыытынан түмсүүлээхтэрин көрдөрөн ыһыах биллэриллибит бары тэрээһинигэр барытыгар бааллар. “Баҕарах бөҕөстөрүгэр” Василий Тихонов, “Күннэйэ Хотуҥҥа” Юлия Алексеева кытыннылар, түһүлгэлэрин эмиэ оҥостон симэнэн көрсүбүттэрэ. “Сахатранснефтегаз” салайааччыта Васильев Николай Николаевич иллээх-эйэлээх кэлэктиибин кытта ыһыахха көхтөөхтүк кытыннылар. Түһүлгэлэригэр ийэ сылыгар анаммыт ийэ уобараһын арыйар айар-тутар уйулҕалаах киһи түһэрбит хаартыскаларынан фотомонтаж баара наһаа истиҥ иэйиини үөскэттэ диэн дьүүллүүр сүбэ чилиэттэрэ тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр. Бу тэрилтэ аатыттан Гуляева Светлана “Күннэйэ Хотуҥҥа” ситиһиилээхтик кытынна. Манна даҕатан эттэххэ бу тэрилтэҕэ үлэлээбит эдэр уолаттарбыт үүнэр-сайдар суолу тутуһан эт-хаан, өй-санаа өттүнэн ситэ буһан-хатан, салайар-дьаһайар дьоҕурдарын сайыннаран атын тэрилтэлэргэ салайааччынан көһүтэлээбиттэрэ бу тэрилтэ кадрга үлэтэ, хас биирдии киһилэрэ личность өттүнэн, киһи быһыытынан, исписэлиис быһыытынан сайдыытыгар болҕомто уурбутун туоһута диэн сыаналанар – Керегяев Г.Л, Егоров М.В, Тарабукин С.И. Күн бүгүн салайааччынан үлэлии сылдьар Николай Николаевич эмиэ үүнэн-сайдан салайар- дьаһайар киһи түбүктээх үлэтин чиэстээхтик сүгэр.

Сиэллээх Аартык Хатаспыт дьонун-сэргэтин сылаас ытыһын иһигэр киллэрэн барыбытын биир сиргэ түмтэ, онно ыһыахха кэлбит хас биирдии олохтоохпутугар, ыалдьыппытыгар, тэрилтэлэрбитигэр барҕа махтал. Түһүлгэни көрүүгэ дьүүллүүр сүбэҕэ Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын өр сылларга салайбыт, үөрэхтээһиҥҥэ , иитэр-үөрэтэр үлэҕэ билиитин-көрүүтүн, сатабылын биэрбит, чөл-чэгиэн олоххо суоллаах-иистээх үлэлээх ытыктанар-убаастанар киһибит Жирков Руслан Иннокентьевич, “Ситим” норуот айымньытын дьиэтин үлэһитэ Михайлова Октябрина Семеновна уонна олохтоох дьаһалта исписэлииһэ Игнатьева Наталья Иннокентьевна үлэлээтилэр.

This post was published on 20.06.2022 09:01 09:01