Сиэйэҕэ. Манна Түбэй Дьаархан, Түбэй нэһилиэктэриттэн делегаттар кэлэн кытыннылар. Сүрүн дакылааты Владимир Тихонов оҥордо. Миниистир ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэбитигэр туох-ханнык үлэлэр ыытыллыбыттарын, туох ситиһиилэр баалларын, ылыныллыбыт сорудахтан төһөтө туолбутун туһунан кэпсээтэ. Ол кэннэ бырабыыталыстыба бөлөҕөр элбэх ыйытыы киирдэ.
Түбэй Дьаархантан оскуола директора үөрэнэр учебниктарбыт сыллата уларыйан иһэллэр, быйыл атыыласпыт кинигэбит эһиилигэр атын буолар, бу маны хайдах эмэ сааһылыахха, маны сэргэ аутсорсиҥҥа көһөрбүт тыа сиригэр табыгаһа суох диэтэ, тыа сиригэр үлэлии кэлэр эдэр специалистарга анаан дьиэ тутарга өрөспүүбүлүкэ өттүттэн туох көмө оҥоһуллуон сөбүн ыйытта. Манна билигин инвестиционнай программанан оскуолалар, уһуйаан дьиэлэрэ эрэ тутуллалларын этэн туран, үтүө дьыала хамсааһынынан тутууну ыытыахха сөбүн Владимир Иванович эттэ.
Быйыл сүөһү атыылаһарга 1 мөл. солкуобай хайдах быһыылаахтык бэриллиэҕин туһунан туоһуластылар. Манна Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бэрэстэбиитэлэ Василий Чичигинаров бу харчы нэһилиэктэринэн бэриллэрин уонна ону хайдах, ханнык схеманан барыахтааҕын толкуйдуу, оҥоро сылдьалларын иһитиннэрдэ. Салгыы улууспутугар аҕалыллыбыт калмык, алтай сүөһүлэрэ хайдах туруктаах туралларын, хас ынах төрөөбүтүн ыйыттылар. Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнигын солбуйааччы Надежда Корнилова маннык эппиэти биэрдэ: «Калмыкияттан кэлбит ынахтан 60-чата төрөөбүтэ, быйыл эмиэ итиччэ төрүөҕү ылыахпыт диэн былаанныыбыт. Алтай ынаҕын 90 бырыһыана төрүөҕү биэрдэ».
Түбэй Дьаархан нэһилиэгин баһылыга Егор Григорьев котельнайдарга буруону ыраастыыр тэрили туруортардыбыт, онон нэһилиэкпит биллэ ырааһырда диэн туран, манна үлэ салгыы ыытыллыаҕар баҕалаахтарын эттэ. Маны сэргэ бу эҥээргэ участковай көрүллэрэ наадатын ыйда. Нэһилиэккэ оскуола иһинэн баар спортсаалаҕа өрөмүөн баран, нэһилиэнньэ барыта манна дьарыктанара сөптөөх. Онон саала көрүүтэ-истиитэ нэһилиэк дьаһалтатыгар уонна оскуолаҕа аҥардаан көрүллэрэ буоллар, ордук табыгастаах буолуо этэ диэтэ. Оскуола спортсаалата улахан өрөмүөҥҥэ наадыйар. Манна тустаах көмө, үп көрүллүө дуо диэн Түбэй Дьаархан делегацията ыйытар да, туруорсар да. Уот ситимигэр эмиэ элбэх боппуруос да, туруорсуу да киирдэ. Чуолаан бу үс нэһилиэккэ уот ситимин саҥардыы, подстанциялары уларытыы туһунан кэпсэттилэр. Манна үлэ барарын (уочарат быһыытынан) сэргии иһиттилэр. Мантан да элбэх ыйытыы, туруорсуу боротокуолга тиһилиннэ.
Түбэй нэһилиэгиттэн баһылык интернет сибээһэ быстар мөлтөҕүн, билигин үлэ-хамнас барыта интернет нөҥүө барарын этэн туран, инникитин бу боппуруоска күүскэ ылсан үлэлэһиэххэ диэтэ. Бу боппуруос бары нэһилиэктэргэ турар.
Сиэйэлэр спортивнай саала тутуутун туруорсубуттара хаһыс да сыллара. Бу да сырыыга Парфений Илларионов нэһилиэк спортивнай ситиһиитин, биллэр спортсменнарын тустарынан этэн, кылгастык билиһиннэрэн туран, бу боппуруоспутун салгыы туруорсабын диэтэ. Билигин манна кыра хамсааһын тахсан эрэрэ үөрүүлээх. Ол курдук, нэһилиэк бэйэтин күүһүнэн спортсаала тутуллар сиригэр буор кутуутун саҕалаабыт.
Олохтоохтору билиҥҥи тирээн турар боппуруос – Уһук Илиҥҥи гектар туһунан – долгутар. Бу сокуон олоххо киирдэҕинэ хайдах-туох буолабыт. Билиҥҥитэ барыл ханнык стадияҕа тиийдэ диэн ыйыттылар. Манна СӨ баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар миниистирин солбуйааччы, биир дойдулаахпыт Михаил Никифоров иһитиннэрии оҥордо. Кини олохтоохтору бастаан бэйэҕит туһана сылдьар сиргитин-уоккутун докумуоннатарга тиэтэйиҥ диэн өссө төгүл санатан эттэ. Бу аҕыйах хонуктааҕыта миниистир Москва куоракка Госдума депутаттарын кытта бу боппуруоска үлэлэһэн кэлбитин иһитиннэрдэ, сокуон барылын иккис ааҕыыга Саха сирэ сокуон 17 пуунугар көннөрүүлэри киллэрэр этиилээҕиттэн, сороҕун өйөөтүлэр диэтэ.
Элгээйигэ буолбут отчуокка Күндэйэттэн, Хороттон кытыннылар. Мунньах олус сэргэхтик барда. Сүрүн дакылаат кэнниттэн дьон ыйытыыларын биэрдилэр, санааларын этиннилэр. Ол курдук, Элгээйиттэн кырдьаҕас учуутал Татьяна Куприянова оҕону үлэнэн иитэр ордук көдьүүстээх диэн санаалаах. Манна үрдүкү салалта өттүттэн туох үлэ ыытылларын, Үөрэх министиэристибэтэ туох санаалааҕын ыйытта. Эт-үүт кэмбинээтин директора Прокопий Акимов тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах, чуолаан, переработка тэрилтэлэрин үлэтигэр тохтоон, бэйэтин санаатын эттэ, кини ыаллар үүт туттарбыт харчыларын сороҕун ылбакка олороллорун, онон үүт харчыта хойутаабакка кэлэн, аадырыстаах сиригэр кэмигэр тиийиэхтээх диэтэ.
Хоролор электро-уот күүрүүтэ күүһүрэригэр уот ситимин уларытыы, подстанциялары күүһүрдүү, саҥардыы үлэтэ сыыйа баран иһэриттэн үөрэллэрин биллэрдилэр уонна биһиги нэһилиэктэрбитигэр бу үлэлэр хайдах былааннаахтык ыытыллыахтарай диэн ыйыттылар. Мелиорация боппуруоһа ханнык баҕар нэһилиэккэ турар. Угут Күөл уутун түһэриигэ салгыы үлэ барыаҕын туһунан истэн, астыннылар. Манна 1 га сокуонугар эмиэ тохтоон элбэҕи токкоолостулар. Мэччирэҥ сирин нэһилиэк генбылааныгар киллэрэр наадатын эттилэр.
Күндэйэ нэһилиэгэр баһаарынай чаас быйыл үлэҕэ киириэ дуо диэн ыйыттылар. Онуоха 2017 сылга диэри бу боппуруос тохтоон турарын эттилэр. Мунньах кыттыылаахтара мантан да элбэх боппуруоска үрдүк сололоохтору кытта санаа үллэһиннилэр, этиилэрин тириэртилэр.
Кутанаҕа отчуот үөрүүлээх түгэнтэн саҕаланна. Ол курдук, «Айан суол» ХЭТ директорын солбуйааччы, оройуон Сэбиэтин депутата Михаил Евсеев РФ Тутааччыларын союһун «За заслуги» диэн уордьанынан наҕараадаламмытын миниистир Владимир Тихонов туттарда. Үс нэһилиэк олохтоохторо (Кутана, Күүкэй, Толоон) ыйытыылара да, кэпсэтиилэрэ да олохтоох буолла. Холобур, нэһилиэнньэни АЛРОСА хампаанньа акциятын атыылыыр түгэнигэр биһиги – алмаастаах кыраай улуустара — акциябытын атыылаан баран, ытыс соттон олорорбут табыллыбат диэтилэр. Өрөспүүбүлүкэ бу хампаанньа акциятын хас бырыһыанын ылан олорорун интэриэһиргээтилэр. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ хампаанньа акциятын 33 % тутан олорор диэн буолла. АЛРОСА акциятын атыылыыр да түгэнигэр, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр баар акция атыыламматын туһугар үлэ барар. Ол да курдук, Ил Түмэнинэн сокуон ылыллан турар диэн Михаил Никифоров бэйэтин санаатын эттэ.
Кутаналар заправка туруорсубуттара ыраатта. Бу боппуруос Элгээйигэ эмиэ турда. Кутанаҕа заправка боппуруоһа оннуттан хамсыах буолан иһэн, эмиэ тохтоон хаалбыт. Толоон нэһилиэгэр мобильнай ФАП туруорсаллар, ону сэргэ ханна да буоларын курдук, түргэн интернети туруорсаллар, сотовай оператордар тарифтарыгар ыйытыылаах олороллор. Үгүс ыйытыыларыгар тутатына эппиэт ыллылар, сорохторугар эппиэти суругунан биэриэх буоллулар.
Сылдьыбыт нэһилиэктэрбитигэр «Саха» НКИК биэриилэрин цифровой телевидениенэн көрдөрөллөрүн туруорсаллар.
Дьэ, бу курдук, СӨ Бырабыыталыстыбатын ааспыт сыллааҕы үлэтин нэһилиэнньэҕэ отчуоттуур иккис бөлөх сылдьыбыт нэһилиэктэригэр элбэх кэпсэтии барда, дьон-сэргэ туруорсуулара, ыйытыылара барыта учуоттанан боротокуолга киирдэ.
Нэһилиэнньэ ситэриилээх былаас үлэтин биһириирин биллэрдэ. Ол эрэн, сорох дьон урукку курдук, үлэни «орто», «үчүгэй», «куһаҕан» диэн сыаналыырбыт ордук этэ диэн санааларын эттилэр.
This post was published on 09.02.2016 16:16 16:16