Ямало-Ненецкэй национальнай уокурукка Сибиир язвата өрө турбутунан сибээстээн, РФ доруобуйаҕа харыстабылын миниистирэ Вероника Скворцова миэстэтигэр министиэристибэ сүрүн инфекциониһа, профессор Ирина Шестакованы уонна оҕо инфекциятын чинчийэр научнай институт исписэлиистэрин көмөҕө ыыппыта.
Суһаллык ыытыллыбыт видеоселекторнай мунньахха Сибиир язватыгар уорбаланан киирбит ыарыһахтары эмтиир, харыстыыр быһыыны биэрэр сүрүн дьаһаллар уратыларын дьүүллэстилэр. Ол иһигэр, ыарыы турбут көрдүгэнин уонна инфекция баар сирин булууну, ыалдьар кутталлаах бөлөх дьонугар сэрэтэр быһыылары биэриини уо.д.а. сүбэлэстилэр. Министиэристибэ исписэлиистэрэ балаһыанньа хайдаҕын кытаанах хонтуруолга ыллылар.
Онтон от ыйын 2 күнүгэр РФ доруобуйаҕа харыстабылын миниистирэ Вероника Скворцова Салехардка көттө. Кини балыыһаҕа сылдьан ыалдьыбыт дьону бэйэтэ көрүөҕэ, ыарыы өрө турбут сиригэр туох көмө оҥоһулларын бэрэбиэркэлиэҕэ.
Лаборатория түмүктэрэ Ямало-Ненецкэй автономнай уокурукка 8 киһи (ол иһигэр 3 оҕо) Сибиир язватыгар хаптарбытын бигэргэттилэр. Биир оҕо номнуо өлбүтүн туһунан регион сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэрэ суруйдулар. Ыарыы көрдүгэнэ баар сириттэн 72 киһи, ол иһигэр 41 оҕо, балыыһаҕа киирдэ.
Бигэргэммит чахчыларынан, региоҥҥа 75 сыл буолан баран, Сибиир язватыттан 2,3 тыһыынча таба өлөн, кыыл-сүөл инфекцията дьоҥҥо сыһынна. Туундараҕа доруобай табаларга суһаллык быһыыны биэрии уонна ыарыһахтары эмтээһин түмүгэр кыыл-сүөл өлөрө тохтотулунна. Исписэлиистэр ыарыы өрө туруутун олус итии сайыны кытта сибээстииллэр. Аһара итийииттэн хаһан эрэ табалары маассабайдык көмөн баран, умнууга хаалбыт сирдэрэ ууллан тахсан кэлбит уонна ыарыы өрө туруутун күөттээбит буолуон сөп.
Ыспыраапка:
Сибиир язватынан үксүгэр аан бастаан ынах-сүөһү, дьиэ кыыллара ыалдьаллар. Киһи ыалдьыбыт кыылы өлөрөр уонна эттиир, тириитин сүлэр кэмигэр сыстыан сөп. Бастатан туран, инфекцияны кытта алтыһар илии эмсэҕэлиир. Ол гынан баран, тириигэ, ол иһигэр атахха баар ханнык баҕарар баас, бу инфекцияны хабан ылар кутталлаах. Ол иһин, билбэт сиргитигэр мээнэ атах сыгынньах сылдьыбаккытыгар сүбэлииллэр. Тоҕо диэтэххэ, сир үрүт араҥатыгар ыарыы айылҕаҕа хаалбыт көрдүгэнэ мунньуллуон уонна тарҕаныан сөп.
Сибиир язватыгар куукунаҕа сыстыы түгэннэрэ бэлиэтэммэттэр. Кылаабынайа – саарбах соҕус эргиэн туочукаларыгар, суоллар кытыыларыгар атыыланар эти атыылаһымаҥ. Тугунан ыалдьыбыта биллибэт кыылы-сүөлү өлөрө охсон баран, атыыга таһаарар суобаһа суох хаһаайыттар баалларын умнумаҥ.
This post was published on 03.08.2016 18:03 18:03