«Сибиир күүһэ» гаас турбатын тутуу иккис уочарата саҕаланна. Турбаны Ленскэй Чайыҥда ньиэп-гаас баайдаах сириттэн Иркутскай уобалас Ковыктатыгар диэри тиийэ тутуохтара. Турба уһуна — 803 км.
Тутууну «Газпром» ыытар. Билигин тэрилтэ тиэхиньикэни тиэрдэр, оробуочай куораттары тутар, бастакы 10 км. турбаны таҥна. Үлэ күүһүгэр саҥа дьыл саҕана киирэрэ былааннанар. Тутууга билигин 2 тыһ киһи, биир тыһ тиэхиньикэ үлэлиир.
Тутуу суола-ииһэ суох сирдэринэн, нэһилиэктэн тэйиччи барыа. Ону таһынан, гаас турбатын Өлүөнэ өрүһү туоратар сорук турар.
Магистраль күүһэ 9,8 Мпа буолуо . Бырайыак сыаната 280 млрд солк. «Газпром» турбаны икки сылынан бүтэрэр былааннаах диэн dprom.online суруйар.
This post was published on 05.11.2020 15:01 15:01