От ыйын 13 күнүгэр «Туймаада» стадиоҥҥа 4х400 миэтэрэҕэ сүүрүү эстафетата көрөөччүлэр ыһыыларынан-хаһыыларынан доҕуһуолланан, бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста.
Сибиирдээҕи федеральнай уокурук хамаандатын быһый атахтаах кыргыттара Александра Лобанова, Ольга Радиошкина, Екатерина Веселкова уонна Анжелика Перенчук эстафеталарын 3 мүнүүтэ 53,24 мүнүүтэнэн түмүктээн, лаппа атан бастаатылар. Кинилэр бу көрдөрүүлэринэн «Азия оҕолорун» саҥа рекордун олохтоон, спорду таптааччылары улаханнык үөртүлэр.
Кинилэр сүрүн утарсааччылара таиланнар (04.02.39.) иккис, шри-ланкалар (04.02.51) үһүс бочуоттаах миэстэлэргэ тигистилэр.
Мин кыайыы өрөгөйүн билбит Сибиир быһый кыргыттарын улахан ситиһиилэринэн эҕэрдэлээтим уонна кыратык кэпсэттим.
— Бэркэ табыллан сүүрдүбүт. Үөрдүбүт аҕай. Дьиҥэ, бачча лаппа атан, эрэллээхтик бастыахпыт дии санаабатахпыт. Эһиги сөрүүн климаккыт сүүрэргэ наһаа табыгастаах эбит.
— Хантан сылдьаҕытый уонна дьарыктаммыккыт төһө өр буолла?
— Иркутскайга олоробут, дьарыктаммыппыт икки сыл буолла.
— Эрдэттэн 4х400 эстафетаҕа кыайар былааннаах этигит дуо?
— Биһиги урукку күрэхтэһиилэртэн сөптөөх түмүктэри оҥорбуппут. Онон хара бастааҥҥыттан кыах баарынан тоҕо түһэн сүүрэр тактиканы тутустубут. Ол иһин кыайдыбыт.