Бу сыл саҕаланыытыгар тоҕус региоҥҥа (Москва, Владимир, Иваново, Ростов, Самара, Орел, Саратов, Иркутскай уобаластарыгар уонна Крым Өрөспүүбүлүкэтигэр) сибиинньэҕэ Африка чумата (АСЧ ) турбута.
Быйыл саас, ол эбэтэр кулун тутар ый 23 күнүгэр, Иркутскай уобалаһыгар чааһынай хаһаайыстыбаҕа иитиллэн турбут сибиинньэ өлүгүттэн Африка чуматын көҕүтээччи булуллубут.
Ыарыы туохтан тарҕанарый?
Бу ыарыы вируһа дьиэ сибиинньэлэрин хаарыйар, наһаа түргэнник тарҕанар, эмтээһинэ уонна вакцинацията суох. Үксүгэр ыалдьыбыт эбэтэр ыалдьа сылдьыбыт кыыллартан, кэрбээччилэртэн, ыалдьыбыт кыыллар сылдьыбыт сирдэриттэн, испит ууларыттан, ыалдьыбыт сибиинньэлэри тиэйэ сылдьыбыт көлөттөн уо.д.а. сыстар.
Ураты бэлиэлэрэ
Африка чуматыгар хабыллыбыт сибиинньэ температурата 42 кыр. тиийэ үрдүүр, аҕылыыр, сөтөллөр, аһыыр баҕата сүтэр, наһаа утатар, хотуолуур. Өттүгэр, иһигэр, моонньугар, кулгааҕын төрдүгэр, кутуругар кытархай толбоннор тахсаллар. Кэлин өттүн кыаммат буолар, төрдүс-бэһис хонугар өлөр.
Уот эрэ ыраастыыр
Маннык ыарыы турбута билиннэ даҕаны, ол ыарыы көстүбүт хаһаайыстыбатыгар эрэ буолбакка, бүтүн сэлиэнньэ үрдүнэн харантыын оҥоһуллар. Сибиинньэлэри барыларын (хааннарын таһаарбакка) өлөрүллэр итиэннэ турбут уйаларын, сиэбит уотурбаларын, саахтарын, туттуллубут тэриллэри кытары уматыллар, көрүүтэ-истиитэ суох сылдьар ыты-куосканы суох оҥоруллар.
Ыарыы тарҕамматын туһугар:
— Сибиинньэ иитэр уонна сибиинньэ бородууксуйатынан дьарыктанар хаһаайыстыбалар бэтэринээринэй-санитарнай ирдэбиллэри булгуччу тутуһуохтаахтар. Бэйдиэ сылдьар ыттар, куоскалар дьаһаллыахтаахтар.
— Сибиинньэ иитэр хаһаайыстыбалар “сабыылаах” эрэсиимҥэ үлэлиэхтээхтэр.
— Сибиинньэ этин бэтэринээр көҥүлэ суох атыылыыр бобуллар.
— Атын регионнартан сибиинньэни, сибиинньэ этин уонна сибиинньэ этиттэн оҥоһуллубут бородууксуйаны бэтэринээринэй сибидиэтэлистибэтэ суох аҕалыллыбат.
Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр балаһыанньа билиҥҥитэ этэҥҥэ. Сэрэхтээх буолуҥ!