Сибэкки Сибиэтэ ырысыаптарын туһаныҥ

“Амма олоҕо” хаһыакка 38-с сылын кэриэктэринэн үлэлиир Светлана Федорова–Сибэкки Сибиэтэ бэйэтин өйдүөҕүттэн сибэкки олордор. Кыһыннары, сайыннары сибэкки эгэлгэтин үүннэрэр. Аҕыйах сылтан бэттэх, фоамирантан уонна гофрированнай кумааҕыттан сибэкки, сакалааттаах минньигэс букеттары оҥоруунан дьарыктанар. Сыллата Саха сиригэр үүнэр алта-сэттэ араас отону хомуйан барыанньалыыр, оҕуруот аһын кэнсиэрбэлээн хаһаанар. Бүгүн хаппыыстаттан бэйэтэ оҥостор аһылыктарын ырысыабын үллэстэр.


Маринуйдаммыт хаппыыста

10 лиитирэлээх биэдэрэҕэ оҥорорго:

Хаппыыста – төһө киирэринэн (уһун синньигэс гына кырбаныллыбыт)

Саахар — 700-750 кыраам

Туус — 9 остолуобай ньуоска

Мас арыыта — 3 ыстакаан

Чеснок өлүүтэ — 5-6 устуука

Моркуоп – 0,5 киилэ

Горох биэрэс – 10 устуука

Сыттаах биэрэс (душистый) – 4-5 устуука

Лавровай лиис – 3 устуука

Уксус (70 %) – 5-6 остолуобай ньуоска

Оргуйбут уу (дьиэҕэ турбут) – 3 остолуобай ньуоска.

Маны барытын булкуйан баран 2 чаас устата туруора түһэбит. Онтон иһиттэргэ кутуталыыбыт.

“Охотничай салаат”

Хаппыыста – 1 киилэ

Минньигэс биэрэс – 0,5 киилэ

Моркуоп – 0,5 киилэ

Туус – 2 остолуобай ньуоска

Саахар – ыстакаан аҥаара

Мас арыыта – ыстакаан аҥаара

Уксус – 1 кыра ньуоска.

Барытын иһиккэ кутан сымныар диэри буһарыллар.

Күһүҥҥү салаат

Хаппыыста – 1 киилэ 200 кыраам

Моркуоп – 0,5 киилэ

Кыһыл помидор – 0,5 киилэ

Эриэппэ луук – 300 кыраам

Туус – 6 кыра ньуоска

Саахар – 6 кыра ньуоска

Мас арыыта – 18 кыра ньуоска

Уксус – 3 кыра ньуоска

Маринад: 300 кыраам уу, 9 лавровай лиис, 9 горох биэрэс. 5 мүнүүтэ устата оргутабыт. Оҕуруот аһын эмалированнай иһиккэ кутан барытын үчүгэйдик булкуйуллар. Бааҥкалары оргутан баран кутуллар.

“Провансаль” хаппыыста 3 лиитирэлээх бааҥкаҕа кутарга: Бааҥка түгэҕэр хаппыыстаны сэбирдэхтии икки араҥа (слой) гына тэлгиибит, үрдүгэр чесногу кырбаан, укуруоп, моркуоп, сүбүөкүлэ кутабыт. Ол үрдүгэр эмиэ икки араҥа  хаппыыстаны сэбирдэхтии тэлгиибит. Бааҥка туолуор диэри араҥанан ууруллар. Маринад: 1,5 лиитирэ ууга, 1 ыстакаан саахар, ыстакаан аҥаара мас арыыта, 2 остолуобай ньуоска туус, 2-3 устуука лавровай лиис, 1 кыра ньуоска кыһыл аһыы биэрэс кутан оргутабыт. Маринад оргуйбутун кэннэ 5 мүнүүтэ туруора түһэбит. Онтон 1 остолуобай ньуоска уксус кутан буккуйабыт. Маринадпытын бааҥка­лаах хаппыыстабыт үрдүгэр кутабыт. Хаппахтаан баран сөрүүн сиргэ уурабыт, тоҥоруллубат.

Кабачоктан икра

Кабачки – 3 киилэ

Помидор – 2 киилэ

Моркуоп – 1 киилэ

Эриэппэ луук – 1 киилэ.

Барытын иһиккэ кутан 1-1,5 чаас устата буһарабыт. 2 остолобуой ­ньуоска туус, 4 остолуобай ньуоска саахар, 2 остолобуой ньуоска уксус кутан баран булкуйабыт. Кабачоктан икра бэлэм.

Дьиэтээҕи борщ

Сүбүөкүлэ – 1 киилэ

Моркуоп – 1 киилэ

Хаппыыста – 1 киилэ

Помидор – 1 киилэ

Эриэппэ луук – 0,5 киилэ

Мас арыыта – 300 кыраам

Туус – 2 остолуобай ньуоска

Саахар – 2 остолуобай ньуоска

Лимон кислотата – 1 кыра ньуоска.

Миискэҕэ кутан 40 мүнүүтэ устата кыра уокка буһарабыт.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

This post was published on 25.10.2019 13:16 13:16