Бэс ыйын 28 күнүн сарсыардатыгар Дьокуускай уонна чугастааҕы оройуоттар олохтоохторо интернеттэрэ суоҕун эттилэр.
Инновация миниистирэ Анатолий Семенов эппитинэн, ВОЛС-ка саахал тахсыбыт «Ростелеком магистральнай ВОЛС-угар быстыы баар, Аллара Бэстээххэ. Дьокуускайга уонна сорох оройуоттарга интернет суох. Өрөмүөннүүр биригээдэ миэстэтигэр саахалы туората барда», — диэтэ миниистир.