Швеция сүүмэрдэммит хамаандатын футболиһа, «Спартак» нападающайа Джордан Ларрсон Дьокуускай олохтооҕор уҥа харыта суох Дима Березовскайга протез ыларыгар көмөлөстө.
Дима Березовскай «Спартак» футбольнай кулууп «Спартак — детям» диэн аһымал пуондатын кыттыылааҕа. Кини кыра эрдэҕиттэн оригаминан, саахыматынан, конструктордарынан үлүһүйэр, кинигэ ааҕарын сөбүлүүр. Дима уҥа илиитэ харытынан суох. Кини 2013 сыллаахха 9 саастааҕар Дьокуускайга саҥа тутулла турар дьиэ олбуоругар уокка оҕустаран эчэйбитэ.
Джордан Ларрсон видеонан Димаҕа протеһы олордор эпэрээссийэ этэҥҥэ ааһарын, сотору кэминэн стадиоҥҥа күүтэрин эттэ. Кини: «Бииргэ кыайыахпыт!», — диэтэ.
«Спартак — детям» пуонда Инстаграмҥа сирэйигэр суруллубутунан протез 450 тыһ. сууммалаах.
This post was published on 10.11.2020 13:01 13:01