Москватааҕы Евгений Вахтангов аатынан Государственнай академическай тыйаатыр иһинэн үлэлиир Борис Щукин аатынан театральнай институкка Саха сирин култуураҕа министиэристибэтэ биэс устудьуону целевой үөрэххэ ыытта.
«Биэс миэстэ баарыгар Саха сириттэн түөрт уонна Хабаровскай кыраайыттан биир абитуриент талыллан бардылар», — диир тыйаатыр дириэктэрэ Александр Лобанов. Кини артыыстары былырыыҥҥыттан талан саҕалаабыттарын, тыйаатыр иһинэн студия аһыллан бэлэмнэнии барбытын, Дьокуускайга институт ректора, Арассыыйа биллэр артыыһа Евгений Князев хаста да кэлэн бартын кэпсиир.
Сүүмэрдээһин түмүгүнэн Анастасия Аверина, Мария Карнышева, Дмитрий Окороков, Шохруз Шепелев, Александр Колясников дойду биир сүрүн институтугар үөрэнэр кыахтаннылар.
Эдэр дьон аны түөрт сылынан идэлээх артыыс буолан Дьокуускайга А.С.Пушкин аатынан нуучча академическай тыйаатырыгар үлэлии кэлиэхтэрэ.
Художественнай салайааччынан Россия үтүөлээх артыыһа, профессор, институт выпускнига Михаил Семаков буолуо.
This post was published on 06.08.2020 16:01 16:01