Биир ый устата сэттэ улууска 76 социальнай суолталаах эбийиэк түргэн интернеккэ холбонно. Үлэ сэтинньи 15 күнүгэр түмүктэннэ.
Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Таатта, Уус Алдан, Хаҥалас, Чурапчы, Горнай улуустарын нэһилиэктэригэр 76 эбийиэк, ол иһигэр, оскуолалар, орто үөрэх тэрилтэлэрэ, ФАП-тар, баһаарынай чаастар, олохтоох дьаһалталар түргэн интернеккэ холбоннулар. Үлэни «Эксперт» хампаанньа бөлөҕүн исписэлиистэрэ толордулар.
Үлэ «Цифровая экономика» национальнай бырагыраама «Информационная инфраструктура» федеральнайдааҕы бырагырааманан ыытылынна.
Сайын «Бүтэйдээх – Чурапчы», «Бэрдьигэстээх – Дьиикимдэ – Өрт» уонна «Бэрдьигэстээх – Аһыма – Күөрэлээх – Бэс-Күөл» хайысханан оптоволокно ситимэ тардыллыбыта. Интернет ол устунан ыытылынна. Атын нэһилиэнньэлээх пууннар хампаанньа эрдэтээҥи ыыппыт үлэтин кытта ситимнээхтэр.
This post was published on 18.11.2019 15:09 15:09