Сэттэ улуус гражданскай көҕүлээһини туругурдар Сөбүлэҥҥэ илии баттаста

Сунтаарга уопсастыбаннай түмсүүлэргэ, коммерческайа суох тэрилтэлэргэ, түөлбэлэргэ ураты суолталаах форум ыытылынна. Улуустар социальнай хайысхалаах коммерческайа суох тэрилтэлэрэ, улуустар баһылыктара, бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Аҥардас Үөһээ Бүлүүттэн 80-тан тахса киһилээх делегация кытынна. СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы А.Ю. Соловьев: «Уопсастыбаннай түмсүү бүтүн өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар төһүү күүс буолар», — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.


Форумҥа уопсастыбаннай тэрилтэ уонна былаас тэҥҥэ үлэлэһэрэ наада диэн этилиннэ. Коммерческайа суох тэрилтэлэри «Мои документы» элбэх функциялаах киин нөҥүө регистрациялыыры ситиһиэххэ диэн сорук турда. «Бу кырдьык, тыа олохтоохторугар сөптөөх дьаһал буолуо этэ», — диэн мунньах кыттыылаахтара санааларын үллэһиннилэр.

Олохтоох дьаһалталар түмсүүлэри кытары ыкса үлэлэһиэхтэрин, ресурснай киин арыйыахтарын сөбүн, көмөлөһөрр бырагыраама олохтуон наадатын эттилэр. Соруктар бары резолюцияҕа киирдилэр уонна ылылыннылар. Олортон саамай сүрүннэринэн Саха өрөспүүбүлүкэтигэр гражданскай көҕүлээһини өрө тутар сыалтан Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Ленскэй, Мирнэй, Өлүөхүмэ, Сунтаар улуустара инникитин бииргэ үлэлэһэргэ 8 өрүттээх Сөбүлэһиигэ илии баттаатылар.
«Дойду социальнай-экономическай сайдыытыгар улахан суолталаах хамсааһын соруктарын ситиһэргэ, өрөспүүбүлүкэбит, улууспут, нэһилиэкпит, түөлбэбит сайдарын туһугар сомоҕолоһуохха», — диэн биир санааҕа кэллилэр.

Александр Соловьев, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы: «Биһигиттэн Ил Дархан тугу күүтэрий? Өрөспүүбүлүкэбит социальнай-экономическай сайдыытыгар нэһилиэнньэ көхтөөхтүк кыттыытын. Онно коммерческайа суох тэрилтэлэр үлэлэригэр өйөбүл наада. Ити эрээри, хомойуох иһин, баҕалаахтар сайабылыанньаны да толорууну ыарырҕаталлар. Онон маннык семинардар сүбэ биэриигэ, үөрэтиигэ, иһитиннэриигэ олус туһалаахтар. Биир холобуру кэпсиэхпин баҕарабын. Орто Халыма улууһун Березовкатын сыллааҕы бюджета 14 мөл.солк. Бу муниципальнай тэриллии территориятыгар «Нэртэк» («Күн») диэн коммерческайа суох оҕо тэрилтэтэ баар. Бу тэрилтэ икки төгүл өрөспүүбүлүкэ гранын кыайан, улуус бюджетыгар 1,5 мөл.солк. киллэрдэ. Маннык үлэлиэххэ наада», — диэн түмүк тылы оҥордо.

This post was published on 12.03.2016 14:05 14:05