Сэтинньиттэн үрдүүр биэнсийэ туһунан эксперт кэпсээтэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Сэтинньи 1 күнүттэн хас да категория биэнсийэлээх индексацияланыахтара, ол туһунан «Прайм» ааҕыныстыбаҕа Г.В. Плеханов аатынан университет атыы-промышленнай кафедратын доцена Людмила Иванова-Швец кэпсээтэ.

Бастатан туран, алтынньыга 80 саастарын туолбут биэнсийэлээхтэргэ уонна 1 группалаах инбэлииттэргэ страховой биэнсийэлэрин фиксированнай чааһа эбиллэр.

Быйыл сааһынан страховой биэнсийэ фиксированнай ыйдааҕы төлөбүрэ 8134,88 солк. Онон 80 саастарын туолбуттар ыйга 16269,76 солк ылыахтара.

Кинилэри сэргэ, гражданскай авиация көтөр экипаһын уонна чох промышленноһын сорох категорияларын үлэһиттэрин биэнсийэлэригэр эбии төлөбүр баар буолуоҕа.

Эбиллии анал федеральнай сокуоннарга олоҕурар.

This post was published on 28.10.2024 10:04 10:04