Ленин проспегын саҥардыы бастакы түһүмэҕэ сэтинньи ыйга толору түмүктэниэҕэ. Алтынньы бүтүүтэ иккис түһүмэҕи олоххо киллэрии саҕаланыаҕа. Бу туһунан суруналыыстарга МКУ «Главстрой» дириэктэрин солбуйааччы Афанасий Александров иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
«Ленин проспегын суолун асфаллааһын сүрүн үлэлэрэ түмүктэннилэр. Суол бэлиэлэрин түһэриигэ уонна тротуардары тупсарыыга үлэ барар. Бэҕэһээ эрэ иннинэ Аммосов уонна Ленин уулуссалара бүөлэммиттэрэ. Бу кэрчиги биһиги асфаллаатыбыт. Алтынньы бүтүүтэ иккис түһүмэххэ киирэбит — Дзержинскай уулуссаттан Хабарова диэри учаастак», — диэн Афанасий Александров иһитиннэрдэ.
Кини, өрөмүөннэммит учаастакка сырдатар тирэх туруоруллуохтааҕын туһунан эбэн эттэ. Ону таһынан «Ыраас халлаан» бырайыак чэрчитинэн ыйанан турар проводтар бары сир анныгар кистэниэхтэрэ.
Санатан эттэххэ, Ленин проспегын саҥардыы икки түһүмэҕинэн араарыллыбыта. Кулаковскай уулуссатыттан ЛОРП дьиэтигэр диэри бастакы түһүмэх. Иккис – Кулаковскай уулуссатыттан Красноярова уонна ЛОРП-тан Хабарова диэри.
This post was published on 11.10.2022 17:03 17:03