Сэтинньигэ куурусса сымыытын сыаната 15% үрдээбит

Хаартыска: СИА

Арассыыйаҕа сэтинньигэ куурусса сымыытын сыаната 15,07% үрдээбитин туһунан Росстат ТАСС саайтыгар иһитиннэрбит.

Биэдэмистибэ өссө көтөртөн оҥоһуллар бурдук ас 3%, куурусса буута 2,5%, ынах, сибиинньэ быара 2,3%, горох, фасоль 2,2%, индейка этэ 1,9%, эриллибит эт 1,7% ыараабыттарын туһунан иһитиннэрбит.

Оттон лосось балык искэҕэ 1,2%-нан, оҕо үүтэ 1%-нан, эбиэс уонна перловка куруппа 0,5%-нан сыаналара түспүт, суруйда Саха сирэ сайт.

This post was published on 11.12.2023 14:33 14:33