Сэтинньи 30 күнэ. Хомус күнэ - Бикипиэдьийэ

Хомус күнэ 1990 сыллаахха Дьокуускайга аан дойду норуоттарын хомуһун түмэлэ аһыллыбыт күнүгэр сөп түбэһиннэрэн олохтоммут. Түмэл аһыллыытыгар Алексеев Иван Егорович — Хомус Уйбаан сүҥкэн өҥөлөөх. Бэлиэ күн 2011 сыллаахтан бэлиэтэнэр. Бу сыл бэс ыйыгар хомуска 1344 киһи тэҥҥэ оонньооннор, Гиннесс рекорда олохтоммут. 


Сэтинньи 30 диэн Григориан халандаарыгар сыл 334-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 335-c күнэ). Сыл бүтүө 31 күн баар.

Бэлиэ күннэр:

Түбэлтэлэр:

  • 1700 — Бүөтүр I уонна швед хоруола Карл XII сэриилэрэ Наарва таһыгар кыргыспыттар. Нуучча сэриитэ элбэх ахсааннаах эрээри дисциплината мөлтөх, сэбэ-сэбиргэлэ тиийбэт буолан аҕыйах ахсааннаах эрээри толору бэрээдэктээх швед аармыйатыттан кыайтарбыт. Түөрт сылынан Бүөтүр I саҥа аармыйата Наарваны ылбыта.
  • 1853 — Синоптааҕы кыргыһыы: Хара муоратааҕы Арассыыйа флота Осмаан флотун пуорка турдаҕына саба түһэн урусхаллаабыт. Баарыстаах флоттар бүтэһик кыргыһыыларынан ааҕыллар.
  • 1922 — РСФСР састаабыгар Чечен автономнай уобалаһа тэриллибит.
  • 1939 — ССРС Финляндияҕа саба түспүт, 3 ыйдаах Кыһыҥҥы сэрии саҕаламмыт. Бу сэриигэ фииннэр 20 сыл кэриҥэ бэлэмнэммит буолан быдан баһыйар күүстээх ССРС сэриитин утары туруулаһан дойдуларын көмүскээбиттэрэ. Ол да буоллар, Кыһыҥҥы сэрииттэн ССРС кыайыылаах тахсыбыта.
  • 1956 — Алмааһы хостооччулар бөһүөлэктэрэ Мирнэй оробуочай бөһүөлэк стаатуһун ылбыт (муус устар 31959 с. өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи куорат буолбут; 1965 с. Миирнэй оройуонун киинэ буолбут).
  • 1990 — Аан дойдутааҕы Хомус түмэлэ төрүттэммит.

Төрөөбүттэр:

Өлбүттэр:

This post was published on 30.11.2020 09:02 09:02