Сэтинньи 3 күнүттэн Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри салгын сыттыкатаах суудунанан айан сыаната 4 тыһыынчаҕа диэри үрдээтэ. Бу өрүскэ сырыы усулуобуйата мөлтөөһүнүн кытары сибээстээх диэн, «ЛенаВодСервис» салайааччыта Борис Строев иһитиннэрдэ.
«Өрүскэ быһыы-майгы ыарахан, биир кэлим кыдьымах ону сэргэ туман айаҥҥа ыарахаттары үөскэтэр. Хивустар бэйэлэр сатаан сылдьыбат буоланнар аэробот көмөтүнэн туһаналлар. Онон айан сыаната киһиттэн 4 тыһыынча солкуобайга диэри үрдээтэ», — диэн Борис Строев быһаарда.
Билигин пассажирдары таһыыга 25 суудуна үлэлиир: 20 салгын сыттыктаах суудуна уонна биэс «Тайфун». Күн аайы 07:00-18:00 чааска диэри сырыы баар.
This post was published on 03.11.2023 10:01 10:01