Сэтинньи 29 күнэ. 1904 сыллаахха Серафим Кулачиков-Эллэй төрөөбүт - Бикипиэдьийэ

Бэлиэ күннэр

  •  ХНТ — Дойдулар ардыларынааҕы Палестина норуотун кытары биир санааланыы күнэ
  •  Албания — Босхолонуу күнэ эбэтэр Дита-э-Элиримит
  •  Вануату — Сомоҕолоһуу күнэ
  •  Либерия — Уильям Табман төрөөбүт күнэ
  •  Югославия — Өрөспүүбүлүкэ күнэ

Түбэлтэлэр

  • 618 — Тан династията Цяньшуйюань аттынааҕы кыргыһыыга Сюэ Рэнгао сэриитин кыайбыт.
  • 903 — Аббасидтар аармыйалара Хам аттынааҕы кыргыһыыга карматтары кыайбыт.
  • 1394 — Чосон династияны олохтообут Кэриэйэ хоруола И Сон Ге, киин куоратын Кэсонтан Ханьян куоракка көһөрбүт, билигин Сеул диэн ааттаах.
  • 1783 — Арассыыйа Акадьыамыйатын мунньаҕар бэрэстээтэл Екатерина Дашкова азбукаҕа урукку «iо» оннугар «ё» буукабын киллэриэххэ диэбит.
  • 1807 — Португалия хоруол-дьахтара Мария I туох баар аймахтарын, кулуттарын-чаҕардарын кытта Наполеон ааҥнаан киирэриттэн дьиксинэн Лиссабонтан Бразилияҕа көспүт. Онон холуонньа метрополияҕа кубулуйбут. Бу түбэлтэ Бразилия сайдыытыгар бөдөҥ суолталаах буолбута.
  • 1870 — Николай Пржевальскай Киин Азияҕа бастакы айанын саҕалаабыт.
  • 1877 — Томас Эдисон аан бастаан фонограбы көрдөрбүт.
  • 1890 — Японияҕа Мэйдзи конституцията олоххо киирбит.
  • 1899 — Испания саамай элбэх титуллаах футбол клуба — «Барселона» — олохтоммут.
  • 1917 — (эргэ истиилинэн сэтинньи 15) Башкиир уобаластааҕы Шурота Башкурдистан территориальнай-национальнай автономиятын биллэрбит.
  • 1945 — Югославия Хоруоллугун оннугар Югославия Социалистическай Федеративнай Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибит. Бу судаарыстыбаны өр кэмҥэ Иосип Броз Тито диэн сэрии кэминээҕи бартыһаан басхана салайбыта. 1992 сыллаахха Югославия ыһыллыбыта.
  • 1947 — ХНТ Генеральнай Ассамблеята Палестинаны дьэбириэй уонна араб судаарыстыбаларыгар араарар былааны ылыммыт. Бу былааны дьэбириэйдэр ылыммыттар, оттон арабтар утарбыттар. Инньэ гынан бастакы араб-дьэбириэй сэриитэ саҕаламмыта. Билиҥҥи туругунан Палестинаҕа дьэбириэй судаарыстыбата баар, онтон араб судаарыстыба ситэ тэриллибэккэ турар.
  • 1980 — Бааск омуктар бастакы Коррика диэн ааттаах сүүрүүлэрэ саҕаламмыт. Бу тылларын өйүүргэ анаан икки сыл аайы тэрийэр хас да хонуктаах эстафеталара.
  • 2006 — Нуучча бикипиэдьийэтэ «Рунет Бириэмийэтин» ылбыт.
  • 2009 — Швейцарияҕа референдум түмүгэр минареты тутуу бобуллубут.
  • 2014 — Дьокуускайга Мас тардыһыытыгар бастакы аан дойду чемпионата саҕаламмыт. Чемпионакка уопсайа 35 дойдуттан 170 спортсмен кыттыбыт.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

This post was published on 29.11.2021 09:01 09:01