Хой
Бу кэмҥэ уһун болдьохтоох былааннааһынтан аккаастаныҥ. Тугу гынаргытыгар толору эппиэтинэстээх буолуҥ
Оҕус
Бары дьоҕургутун, талааҥҥытын көрдөрө сатааҥ. Эн дьон хараҕын далыгар сылдьаҕын
Игирэлэр
Кэнники кэмҥэ туохтан эрэ харааста сылдьаҕын. Стресс ыарыы төрүөтэ буолуон сөп. Ону сэрэтээри, психоэмоциальнай туруккар кыһаллыаххын наада
Рак
Атын дьон кыһалҕаларын быһаарыыга, мөккүөргэ олус элбэхтик кыттыаххын сөп. Сынньанар уонна үчүгэй санаалаах дьону кытта бодоруһар туһалаах буолуо
Хахай
Утарсааччыларгар бэринэр уонна хотторор олус ыарахан. Ол эрээри итинник быһылаан тахсар түгэнигэр сөбүлэһиигэ барыаххын наада
Кыыс
Олоххун үчүгэйгэ уларытар кэм кэллэ. Ол туһунан толкуйдан, үчүгэй кэм кэллэ
Ыйааһын
Бэйэн алҕастаргын тутатына билинэр ордук, искэр тута сылдьыма. Кэнэҕэс бу кэми мичээрдээн, махтанан туран ахтыаҥ
Скорпион
Эһиги иэйиигит бүгүн сытыырхайар кэмэ. Интуицияҥ араас балаһыанньаҕа хайдах киириэххэ сөбүн кэпсиэҕэ
Охчут
Бу күн эйигиттэн элбэх сыраны, кыһамньыны эрэйэр, элбэх үлэни оҥоруоххун наада
Чубуку
Сулустар сотору кэминэн эһиги олоххутугар үтүө эрэ түбэлтэлэр тахсыахтара диэн эрэннэрэллэр
Күрүлгэн
Бүгүн ис иһиттэн саҥа оҥоһуллан тахсыан сөп. Дьоһуннаах быһаарыылары ылан, өйгүтүнэн салайтарыҥ
Балыктар
Күн бүгүн дьыалабыай сибээс дэлэйэ сылатыан сөп. Араас дьону кытта бодоруһуу олус элбэх. Онон киэһэ бэйэҕит күүскүтүн-кыаххытын толороору, соҕотохсуйан, сибиэһэй салгынынан тыынаргыт наада
«Эҥсиэли»