11 Балаҕан ыйа 11.09
  • 10°
  • $ 91,11
  • 100,5

Сэтинньи 16 күнэ. Гороскоп

09:09, 16 ноября 2023
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хой 

Саҥа күнү көхтөөхтүк атаарарга кыһаллыҥ, сөбүлүүр дьыалаҕытын оҥоро сатааҥ. Дьылҕа дьолу бэлэмнээбит, куоттарымаҥ. Уруккуттан сытар дьыалалары сөргүтэн, онно төннөн, олоххо киллэриҥ. Барыта табыллыа.

Оҕус

Үчүгэйи эрэ кытта ыаллас, ханнык да уустук балаһыанньаҕа үчүгэй өрүттэрин көрө сатаа. Доҕотторгун кытта сыһыан күүскэ уустугуруон сөп, онон көрсүһүүлэри аҕыйах хонук устата былааннаабат ордук. Мунньуллубут хом санаа ис туруккар дьайар, онон доруобуйаҕар бириэмэҕин уур, спордунан дьарыктан

Игирэлэр 

Үлэҕэр дьаныардаахтык сыһыаннаһаргын көрдөрдөххүнэ, оннооҕор аахсыбат түмүктэри ылыаҥ. Бүгүҥҥү киэһэни дьиэ кэргэҥҥин кытары атаарар ордук. Уопсай былааннары туруоруу уонна аһаҕас кэпсэтиилэр эһиги сыһыаҥҥытын бөҕөргөтүөхтэрэ

Рак

Эн чугас киһиҥ эн болҕомтоҕор наадыйар. Бириэмэҕитин бииргэ атаарыҥ, бэйэҕит иэйиигитин кэпсээҥ, санааҕытын үллэстиҥ. Иирээн да, иирсээн да ылар түгэннэр баар буолуохтара. Аҥааран туран барытын холкутук быһаарсар ордук

Хахай

Ис туругуҥ, санааҥ үрдүк таһымҥа тахсан көхтөөхтүк үлэлиэҥ. Күн бастакы аҥаара ордук таһаарыылаахтык ааһыаҕа. Уустук боппуруостары быһаарыахха сөп

Кыыс

Сулустар эйиэхэ сэмэй, киһиргээбэт буол диэн сүбэлииллэр. Эн тулалыыр эйгэҕэр ордугурҕааччылар баар буолуохтара, эн кэннигэр сылдьан хобу-сиби ырытыахтара

Ыйааһын

Саҥа билсиһиилэри кытта сэрэхтээхтик сыһыаннас. Баҕар, сорохторо эйигин албыҥҥа тириэрдиэхтэрин сөп эбэтэр бэйэлэрин тустарыгар туһаныахтарын баҕараллар. Ордук урукку доҕотторгун уонна коллегаларгын кытта алтыһар саамай сөптөөх. Тус олоххор кэккэ уустук түгэннэр баар буолуохтарын сөп. Сүрэҕиҥ аҥаарын истэргэ уонна уопсай быһаарыыны көрдүүргэ кыһалын

Скорпион

Саҥа күн эйиэхэ үчүгэй буолар диэн сулустар билгэлииллэр. Үбү- харчыны кытары үлэлиир дьоҥҥо үлэҕитигэр улахан ситиһии күүтэр

Охчут

Оннук-маннык сэрэхтээх дьыалаларга кыттыспат, ылсыбат ордук, оннук санааттан аккаастан. Кинилэр эйиэхэ кыһалҕалары, сүтүктэри эрэ аҕалыахтарын сөп. Ол кэриэтэ чугас доҕотторуҥ ортолоругар үөрэ-көтө, сынньана сылдьарыҥ ордук

Чубуку

Күн бастакы аҥарыгар эйигин элбэх үлэ, эппиэттээх дьыала күүтэр. Сүрэҕиҥ аҥаарын кытары истиҥ сыһыаны олохтооҥ. Кини баҕатын, баҕа санаатын ордук сэҥээр. Болҕомтоҕун уур, дьоһуннаахтык сыһыаннас.

Күрүлгэн

Уустук уонна улахан дьыаланы былааннаабыккын эрээри, ону ыларга арыый эрдэ курдук. Кэми-кэрдиини, күүһү-уоҕу эрэ ороскуоттуоҥ. Ол кэриэтэ илиинэн дьарыктан, урукку бырайыактаргын бүтэр.

Балыктар

Элбэх сонун-нуобас, сүпсүлгэн ортотугар сылдьаҕын. Ааспыты аахса барыма, холку буол уонна сыһыаны чөлүгэр түһэрэргэ кыһан. Харса суох саҥа интэриэһинэй үлэни өрө тут. Ол эн олоххун уларытыа.

«Бытантай уоттара»

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар