ХНТ — Аан дойдутааҕы Диабет утары охсуһуу күнэ. Диабет саамай элбэх инбэлиити биэрэр үс ыарыы ортотугар баар (атеросклероһу уонна раагы кытта). Ииндийэ — Оҕолор күннэрэ. Оҕо үөрэнэригэр улахан болҕомтону биэрбит Ииндийэ салайааччыта Джавахарлал Неру төрөөбүт күнүгэр бэлиэтииллэр. Маны сэргэ бу күн Австрия бырааһа Карл Ландштейнер бастакынан хааны үс бөлөххө араарбыта историяҕа киирбитэ.
Түбэлтэлэр
- 1860 — Кытай Иккис Опиум сэриитигэр Британияттан уонна Францияттан кыайтарбытын кэнниттэн Арассыыйа уонна Кытай ыккардыларыгар Пекин трактаата түһэрсиллибит. Арассыыйа састаабыгар Уссури кыраайа киирбит. Билигин ити сиргэ Приморскай кыраай уонна Хабаровскай кыраай сорҕото бааллар. Трактаакка кыраныысса Амур уонна Уссури өрүстэрин Кытай өттүнээҕи кытылларынан ыытыллыбыт, өрүстэри Арассыыйа аҥаардастыы бас билбит. Ол эрэн кэлин кыраныысса өрүс сүрүн үөһүн ортотунан ааһыахтааҕар сөбүлэспиттэр, инньэ гынан Арассыыйа хас даҕаны өрүс арыытын Кытайга биэрбитэ.
- 1901 — Австрия бырааһа Карл Ландштейнер бастакынан хааны үс бөлөххө араарбыт: 0(I), А(II) уонна В(III). Икки сылынан кини үөрэнээччилэрэ төрдүс бөлөҕү арыйбыттара: АВ(IV). Бу арыйыы түмүгэр хааны көһөрөн кутуу киэҥник туттуллар буолбута. Карл Ландштейнер хаан группаларын арыйбытын иһин 1930 сыллаахха Нобель бириэмийэтин ылбыта.
- 1971 — НАСА автоматическай аппарата Маринер-9 Марс орбитатыгар тахсыбыт, инньэ гынан атын планета орбитатыгар тахсыбыт бастакы искусственнай аргыс буолбут. Маринер-9 сыл кэриҥэ үлэлээн Марс ньуурун 85 %-ын хаартыскаҕа түһэрбит. Хаартыскаларга куурбут өрүстэр сүнньүлэрэ, кратердар, сүүнэ улахан вулканнар (холобура, Күн систиэмэтин саамай үрдүк вулкана Олимп), каньоннар, тыал уонна уу эрозиятын сибикилэрэ, пласттар хамсааһыннара, атмосфера фроннара, туман уо.д.а. интэриэһинэй планета ньуурун чымпыктара көстүбүттэр.
- 1990 — Арҕаа Германия бэйэтин конституциятыгар уларытыы киллэрэн, Польшаны кытары Одер — Нейсе өрүстэринэн ааһар кыраныыссаны билиммит. Бу кыраныысса Аан дойду иккис сэриитин кэнниттэн олохтоммута. Кыайыылаах кыттыгастыы дойдулар Германия илиҥҥи өттүттэн элбэх сири былдьаан Польшаҕа биэрбиттэрэ уонна онно олорбут ньиэмэстэри арҕаа үүрбүттэрэ. Арҕаа Германия Одер — Нейсе лиинийэтин өр билиммэтэҕэ, оннооҕор урукку сирдэрин күүс өттүнэн төннөрүөх буолара. Ол эрэн Илин уонна Арҕаа Германиялар холбоһоллоругар тас дойдулар көҥүл биэрэллэрин мэктиэтигэр ити кыраныыссаны билиммитэ.
Төрөөбүттэр
- 1886 — Анемподист Cофронов — Алампа — саха литэрэтиирэтин төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, талааннаах драматург, кини драмалара Саха тыйаатыра олохтоноругар улахан төһүү буолбуттара. «Манчаары» диэн ааттаах саха бастакы хаһыатын бастакы эрэдээктэрэ. «Чолбон» сурунаал уонна Саха тыйаатырын бастакы салайааччыта.
- 1889 — Джавахарлал Неру — Ииндийэ босхолонуутун иһин хамсааһынын басхана, Ииндийэ бастакы премьер-миниистирэ (1947-1964). Кини кыыһа Индира Ганди (1966-1977, 1980-1984) уонна сиэнэ Раджив Ганди (1984-1989) эмиэ премьер-миниистир буолан өр сылларга дойдуну салайбыттара.
- 1912 — Василий Протодьяконов — Кулантай — саха сэбиэскэй суруйааччыта, уопсастыбаннай диэйэтэлэ, литэрэтиирэ кириитигэ.
- 1933 — Николай Слобожанин — өрүс флотун хапытаана, Социалистыы Үлэ Дьоруойа, Ленин уордьанын кавалера (1986).
- 1965 — Гульнара Дулова — балерина, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа.
Өлбүттэр
- 1994 — Николай Мординов — Амма Аччыгыйа — саха норуодунай суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1934), Саха АССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ.
- 2010 — Моисей Ефимов — Саха норуодунай бэйиэтэ. Түөрт уонтан тахса сахалыы, нууччалыы тахсыбыт хоһоон хомуурунньугун ааптара. Хас да хомуурунньуга атын омук тылынан тахсыбыта.
This post was published on 14.11.2020 09:19 09:19