Бэлиэ күннэр
- ХНТ — Аан дойдутааҕы Диабет утары охсуһуу күнэ. Диабет саамай элбэх инбэлиити биэрэр үс ыарыылартан биирдэстэрэ (атеросклероһу уонна раагы кытта)
- Гуинея-Биссау — Уларыта тутуу күнэ. Бу күн Бернардо Виейра салалтатынан 1980 сыллаахха дойдуга былаас уларыйбыт
- Ииндийэ — Оҕолор күннэрэ. Оҕо үөрэнэригэр улахан болҕомтону биэрбит Ииндийэ салайааччыта Джавахарлал Неру төрөөбүт күнүгэр бэлиэтииллэр
- Колумбия — Колумбия дьахтарын күнэ
- Индонезия — Мобил биригээдэ күнэ (Хари бригада мобил). 1945 сыллаахха дьоппуон сэриилэрин тобоҕун тутарга, киин куоракка бэрээдэк олохтуурга тэриллибит полиция чаастара
- Румыния — Добруджа күнэ. 1877-1878 сыллардааҕы Нуучча-Туурак сэриитин кэнниттэн Румыния Хотугу Добруджаны (ол иһигэр Дунаай дельтатын) бэйэтигэр холбоммута.
Түбэлтэлэр
- 1812 — Смолиани аттыгар кыргыһыыга (сэтинньи 13-14 кк.) Петр Витгенштейн хамаандалаах нуучча сэриитэ Франция Клод Виктор уонна Николас Удино маршаллар хамаандалаах сэриилэрин үлтүрүппүт. Бу кыргыһыы французтар нууччалары тохтото сатаабыт тиһэх бөдөҥ кыргыһыылара этэ. Бу иннинэ манна, Двина өрүскэ, французтар иккитэ кыайтарбыттара: Полоцкайдааҕы иккис кыргыһыыга (алтынньы 18-20 күннэрэ) уонна Часники аттынааҕы кыргыһыыга (алтынньы 31 күнүгэр).
- 1860 — Кытай Иккис Опиум сэриитигэр Британияттан уонна Францияттан кыайтарбытын кэнниттэн Арассыыйа уонна Кытай ыккардыларыгар Пекин трактаата түһэрсиллибит. Арассыыйа састаабыгар Уссури кыраайа киирбит. Билигин ити сиргэ Приморскай кыраай уонна Хабаровскай кыраай сорҕото бааллар. Трактаакка кыраныысса Амур уонна Уссури өрүстэрин Кытай өттүнээҕи кытылларынан ыытыллыбыт, өрүстэри Арассыыйа аҥаардастыы бас билбит. Ол эрэн кэлин кыраныысса өрүс сүрүн үөһүн ортотунан ааһыахтааҕар сөбүлэспиттэр, инньэ гынан Арассыыйа хас даҕаны өрүс арыытын Кытайга биэрбитэ.
- 1901 — Австрия бырааһа Карл Ландштейнер бастакынан хааны үс бөлөххө араарбыт: 0(I), А(II) уонна В(III). Икки сылынан кини үөрэнээччилэрэ төрдүс бөлөҕү арыйбыттара: АВ(IV). Бу арыйыы түмүгэр хааны көһөрөн кутуу киэҥник туттуллар буолбута. Карл Ландштейнер хаан группаларын арыйбытын иһин 1930 сыллаахха Нобель бириэмийэтин ылбыта.
- 1919 — Кыһыл аармыйа Омскайы ылбыт. Адмирал Колчак сэриилэрэ үлтүрүтүллүбүттэр.
- 1920 — Кыһыл аармыйа Кырыымҥа Севастополь куораты ылбыт.
- 1936 — ССРС-ка Гидрометеорология сулууспата тэриллибит.
- 1944 — Германия диэкки буолбут генерал Андрей Власов Прагаҕа «Арассыыйа норуоттарын босхолуур кэмитиэт» манифеһын ааҕан иһитиннэрбит, бу кэмитиэт бэрэстээтэлинэн талыллыбыт.
- 1968 — Европаҕа бастакы тыҥа трансплантацията оҥоһуллубут.
- 1971 — НАСА автоматическай аппарата Маринер-9 Марс орбитатыгар тахсыбыт, инньэ гынан атын планета орбитатыгар тахсыбыт бастакы искусственнай аргыс буолбут. Маринер-9 сыл кэриҥэ үлэлээн Марс ньуурун 85 %-ын хаартыскаҕа түһэрбит. Хаартыскаларга куурбут өрүстэр сүнньүлэрэ, кратердар, сүүнэ улахан вулканнар (холобура, Күн систиэмэтин саамай үрдүк вулкана Олимп), каньоннар, тыал уонна уу эрозиятын сибикилэрэ, пласттар хамсааһыннара, атмосфера фроннара, туман уо.д.а. интэриэһинэй планета ньуурун чымпыктара көстүбүттэр.
- 1983 — Кипр туурактар өттүлэринээҕи сорҕотун түмэнэ Кипр Туурак Федеративнай судаарыстыбатын тэрийэр туһунан биллэрбит.
- 1989
- РСФСР суруйааччыларын бырабылыанньатын VI пленума буолбут
- ССРС Үрдүкү Сэбиэтэ «Репрессияламмыт норуоттар тустарынан декларация» таһаарбыт.
- 1990 — Арҕаа Германия бэйэтин конституциятыгар уларытыы киллэрэн Польшаны кытары Одер — Нейсе өрүстэринэн ааһар кыраныыссаны билиммит. Бу кыраныысса Аан дойду иккис сэриитин кэнниттэн олохтоммута. Кыайыылаах кыттыгастыы дойдулар Германия илиҥҥи өттүттэн элбэх сири былдьаан Польшаҕа биэрбиттэрэ уонна онно олорбут ньиэмэстэри арҕаа үүрбүттэрэ. Арҕаа Германия Одер — Нейсе лиинийэтин өр билиммэтэҕэ, оннооҕор урукку сирдэрин күүс өттүнэн төннөрүөх буолара. Ол эрэн Илин уонна Арҕаа Германиялар холбоһоллоругар тас дойдулар көҥүл биэрэллэрин мэктиэтигэр ити кыраныыссаны билиммитэ.
- 1994 — Да-Манш силбэһии аннынан Париж уонна Лондон ыккардыларынааҕы туннель аһыллыбыт.
Төрөөбүттэр
- 1886 — Анемподист Cофронов — Алампа — саха литэрэтиирэтин төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, талааннаах драматург, кини драмалара Саха тыйаатыра олохтоноругар улахан төһүү буолбуттара. «Манчаары» диэн ааттаах саха бастакы хаһыатын бастакы эрэдээктэрэ. «Чолбон» сурунаал уонна Саха тыйаатырын бастакы салайааччыта.
- 1889 — Джавахарлал Неру — Ииндийэ босхолонуутун иһин хамсааһынын басхана, Ииндийэ бастакы премьер-миниистирэ (1947-1964). Кини кыыһа Индира Ганди (1966-1977, 1980-1984) уонна сиэнэ Раджив Ганди (1984-1989) эмиэ премьер-миниистир буолан өр сылларга дойдуну салайбыттара.
- 1912 — Василий Протодьяконов — Кулантай — саха сэбиэскэй суруйааччыта, уопсастыбаннай диэйэтэлэ, литэрэтиирэ кириитигэ.
- 1933 — Николай Слобожанин — өрүс флотун хапытаана, Социалистыы Үлэ Дьоруойа, Ленин уордьанын кавалера (1986).
- 1965 — Гульнара Дулова — балерина, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа.
Өлбүттэр
- 1994 — Николай Мординов — Амма Аччыгыйа — саха норуодунай суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1934), Саха АССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ.
- 2010 — Моисей Ефимов — Саха норуодунай бэйиэтэ. Түөрт уонтан тахса сахалыы, нууччалыы тахсыбыт хоһоон хомуурунньугун ааптара. Хас да хомуурунньуга атын омук тылынан тахсыбыта.
This post was published on 14.11.2021 09:01 09:01