Бэлиэ күннэр
- ХНТ — Көрбөттөр күннэрэ. 1784 сыллаахха Парижка Валентин Гаюи бэйэтин харчытынан көрбөт оҕолорго оскуола арыйбыт уонна көрбөт дьон ааҕар бастакы кинигэлэрин айбыт эбит, ону истэн Арассыыйа ыраахтааҕыта Александр I 1803 с. Гаюины Петербурга ыҥырбыт. Арассыыйаҕа кэлэн бастаан көрбөт оҕолорго оскуола, онтон көрбөт оробуочайдар институттарын арыйбыт, 72 сааһыгар диэри Петербурга олорбут. ВОЗ бу киһи төрөөбүт күнүгэр көрбөттөр күннэрин бэлиэтииргэ уураахтаабыт. Арассыыйаҕа 280 тыһыынча бастакы уонна иккис группалаах көрбөт инбэлииттэр бааллар[1].
- Аан дойдутааҕы Үтүөнү оҥоруу күнэ. Сорох дойдуларга 1998 сыллаахтан бэлиэтииллэр: сибэкки бэлэхтииллэр, Үтүө кэнсиэртэрин туруораллар, аналлаах «үтүө карточкаларын» тарҕаталлар эбит.
- Арассыыйа — Аармыйаҕа судаарыстыба кистэлэҥин харыстыыр сулууспа үөскээбит күнэ (урут шифровальщик күнэ диэн ааттанара).
- Арассыыйа — Радиационнай, химическэй уонна биологическай көмүскэл (РХБЗ) сэриилэрин күнэ.
- Сэди Хокинс күнэ — комикс сүдьүөтүгэр олоҕурбут көрдөөх-нардаах күнү АХШ-ка бэлиэтиллэр. 1934–1978 сылларга тахса сылдьыбыт комикска Сэди Хокинс диэн сулумах дьахтар ойох тахсыан баҕарарын бу күн биллэрбит уонна эр дьону сырсарын саҕалаабыт эбит.
Түбэлтэлэр
- 1708 — Хотугу сэрии кэмигэр Александр Меншиков салалталаах нуучча сэриилэрэ Иван Мазепа ордуутун Батурин куораты ылбыттар.
- 1805 — Австрия киин куоратыгар Венаҕа Франкфурттан көһөн кэлбит этчит Иоганн Ланер сосисканы айбыт. Сосисканы ким айбыта Вена уонна Франкфурт куораттарын ыккардыларыгар өрдөөҕүттэн ыла кэлбит мөккүөр буолар. Франкфуртка сосискалары Орто үйэлэр саҕаттан оҥороллор эбит, ол эрэн Вена сосискатыгар бастакытын ынах уонна сибиинньэ эттэрэ холбоммуттар. Билигин маннык рецебинэн оҥоһуллубут сосиска ньиэмэс кухнятын биир сүрүн ингредиенэ буолар.
- 1851 — Москуба уонна Санкт-Петербург ыккардыларыгар тимир суол сырыыта аһыллыбыт. Суолу 10 сыл устата туппуттар, тутууга 67 млн солк. бараммыт. Холоон көрдөххө 1842 сыллааҕы Арассыыйа импиэрийэтин бүддьүөтэ 187 млн солк. эбит. Бастакы пуойас 645 километр уһуннаах суолу 21 чаас 45 мүнүүтэнэн ааспыт.
- 1862 — Льюис Кэрролл күннүгэр суруйбут: «Алиса туһунан остуоруйаны суруйан эрэбин, Ороһооспоҕо бүтэрбит киһи дии саныыбын».
- 1917
- Бакуга былааһы Сэбиэт ылбыт.
- Керенскай — Краснов аармыйатын бассабыыктар үлтүрүппүттэр.
- Финляндия бүттүүнүгэр забастовка саҕаламмыт.
- 1918 — Осмаан Импиэрийэтэ Аан дойду бастакы сэриитигэр кыайтарбытын кэннэ кыттыгастыы Британия, Франция уонна Италия сэриилэрэ Истанбулу ылбыттар. Бу туһунан Ататүрк «кэлбиттэрин курдук барыахтара» диэбиттээх эбит. 5 сылынан Ататүрк баһылыктаах турок националистара гректэри сэриигэ кыайан баран Истанбулу төттөрү ылбыттар.
- 1931 — «Дальстрой» тэриллибит — Халыма өрүһүн үөһээ тардыытыгар хаайыылаахтары үлэлэппит, суол уонна бырамыысыланнас тутуутунан дьарыктаммыт трест. «Дальстрой» 1930—1950 сылларга ССРС Хотугулуу-Илиҥҥи өттүн туһаҕа киллэриинэн, чуолаан кыһыл көмүс хостооһунунан, дьарыктаммыта. Саха АССР хотугулуу-илиҥҥи оройуоннара «Дальстрой» территориятыгар киирэр этилэр.
- 1940 — «Адыаччы өрүһүн тардыытыгар кыһыл көмүһу хостуурга» диэн Саха АССР Совнаркома быһаарыы ылыммыт. Адыаччы — Дьааҥы өрүһүн уҥа салаата.
- 1943 — Киевтэээҕи кимэн киирии түмүктэммит.
- 1944 — Бельгия бырабыыталыстыбата Утарсыы тэрилтэлэрин сааларын-саадахтарын былдьыыр туһунан быһаарыныы ылыммыт.
- 1994 — Швеция Европа Сойууһугар референдумнаан киирбит.
- 2001 — Хотугу альянс сэриилэрэ Афганистаан киин куоратыгар Кабулга киирбиттэр.
- 2002 — Кымыс туһунан өрөспүүбүлүкэ сокуонугар илии баттаммыт. Бу сокуон утаҕы оҥорооччуларга субсидия уонна льгота көрөр, оҕону иитэр уонна дьону эмтиир тэрилтэлэргэ утаҕы тарҕатар систиэмэни олохтуур.
- 2006 — Бүлүү улууһун Кыһыл Сыырыгар гаас Саха сиригэр промышленнай хабааннаахтык туттуллубута 50 сылын уонна бөһүөлэк төрүттэммитэ 45 сылын бэлиэтээбиттэр.
- 2008 — Дьокуускайга СГУ-га Саха Өрөспүүбүлүкэтин Норуодунай университетын учредительнай конференцията ыытыллыбыт.
Төрөөбүттэр
- 1920 — Платон Степанов — Ламутскай (25.12.1986 өлб.) — эбээн бэйиэтэ уонна суруйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ. Кэбээйи улууһун Сэбээн Күөл национальнай эбээн орто оскуолата кини аатын сүгэр.
- 1937 — Михаил Николаев — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы бэрэсидьиэнэ (1992—2002). 2002-2010 сылларга Арассыыйа Федерациятын Федеральнай мунньаҕын Федерация сүбэтин бэрэстээтэлин солбуйааччыта, 2011-2016 сылларга Госдума дьокутаата, 2016 сылтан СӨ Судаарыстыбаннай Сүбэһитэ.
- 1967 — Егор Антонов — Саха Сирин XX үйэтин интеллигенциятын, общественноһын, культууратын үөрэтэр чинчийээччи, устуоруйа билимин хандьыдаата, доцент.
Өлбүттэр
- 1915 — Фёдор Эрисман (1842 төр.), Швейцарияттан төрүттээх Арассыыйаҕа үлэлээбит быраас, гигиенаны билим таһымыгар таһаарааччылартан биирдэстэрэ. Эрисман паартатыгар сэбиэскэй үөрэнээччилэр үөрэммиттэрэ.
This post was published on 13.11.2021 09:03 09:03