6 От ыйа 06.07
  • 15°
  • $ 78,84
  • 93,01

Сэтинньи 10 күнэ. Гороскоп

09:09, 10 ноября 2023
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Хой 

Харчы өттүгэр табыллыаҥ, элбэҕи ситиһиэҥ

Оҕус 

Туруоруммут сыалгын ситиһэргэ кыра-кыра хардыылары оҥорон ыраах тиийиэҥ

Игирэлэр ⠀

Дьон эйигин олус бэһиэлэйгин көрөн, барыта сатабыллаах дии саныыр ⠀

Рак  ⠀

Эн тускар куһаҕан тылы саҥарар дьон бэйэлэрин эрэ суолларын буортулууллар

Хахай 

Санаарҕыыр кэм – кэннигэр, дьоллонор кэм – иннигэр ⠀

Кыыс ⠀

Тапталгын кытары бииргэ буол, бэйэ-бэйэҕитигэр болҕомтото уурун ⠀

Ыйааһын ⠀

Кэннигиттэн дьон саҥарарын истиэҥ, санааҕын түһэримэ – эн кинилэр иннилэригэр сылдьаҕын!

Скорпион 

Олоҕуҥ саҥаттан-саҥа тэтими ылан иһэр, бэйэҥ ити тэтимҥин ыһыктыбатыҥ ордук

Охчут 

Ылсан үлэлэһэр дьыалаҥ ситиһиилэх түмүктээх буолуо

Чубуку 

Барыта орун-оннугар түһэн иһэр, табыллыы, сатаныы аргыстаныаҥ

Күрүлгэн ⠀

Биир сиргэ олордоххуна баҕа санааҥ туолара уустуктардаах буолуо

Балыктар 

Бэҕэһээҥҥи баҕа санааҥ – бүгүҥҥү соругуҥ-сыалыҥ, сарсыҥҥы ситиһииҥ.

«Бытантай уоттара»

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова