Сэтинньи 1 күнүттэн Арассыыйаҕа тэхиниичэскэй сириэстибэ пааспара электроннай буолуо. Саҥа докумуоҥҥа массыына туһунан толору информация киириэ, саҥаттан саҥа иһитиннэриини эбэн иһиэххэ сөп буолуо. Бу туһунан autonews.ru. суруйар.
Электроннай пааспарга массыына массатын, двигателин кыаҕын, VIN-нүөмэрин, төһөнү сүүрбүтүн, техосмотр бартын, массыына атыытыгар-атыылаһыытыгар бааннар эбэтэр лизинговай хампаанньалар хааччахтарын туһунан суруллуо. Аа-дьуо ити испииһэк кэҥээн иһиэ. Холобур, пааспарга судебнай приставтар иһитиннэриилэрэ эбэтэр ГИБДД массыына конструкциятыгар киирбит уларыйыылары киллэриэ.
Пааспары массыынаны оҥорбут собуот биэриэ, тастан киирэр масыыналарга — официальнай бэрэстэбиитэл. Өскөтүн массыынаны физическэй сирэй киллэрэр буоллаҕына, докумуону бэрэбиэркэлиир лаборатория биэриэ.
Пааспарга страховой полис туһунан иһитиннэрии суох буолуо. Страховка туһунан информация автостраховщиктар Арассыыйатааҕы союзтарын информационнай базаларыгар мунньуллар.
Пааспарга массыына урукку сыанатын көрүөххэ сөп буолуо. Ол эрэн билиҥҥитэ бу балаһыанньа «баҕа өттүнэн» диэн быһаарыылаах.
Электроннай пааспар массыынаны ГИБДДга учуокка туруоруу үлэтин судургутутуо. Урукку курдук илиинэн устан базаҕа киллэрии тохтуо.ГИБДДга инспектора пааспар идентификационнай нүөмэрин нөҥүө масыына туһунан толору информацияны ылыа.
Электроннай пааспар массыына устуоруйатын дьэҥкэрдиэ, туһаныллыбыт массыыналар дьиҥнээх сыаналарын көрдөрүө.
Кумааҕы пааспар суолтата сүтүө суоҕа, хаһаайын бэйэтин баҕатынан уларытыан сөп буолуо.
Сиһилии манна аах https://ysia.ru/s-1-noyabrya-vseh-voditelej-zhdet-vazhnoe-izmenenie/