Серошевскай хос сиэнэ Олоҥхо ыһыаҕын күндү ыалдьытынан буолар

Дьааҥыга ыытылла турар өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын күүтүүлээх ыалдьыттарыттан биирдэстэрэ Сюзанна Серошевская буолар.


Дьааҥыга сыылкаҕа сылдьыбыт Польша политическай сыылынайа, «Якуты» сахалар 19-с үйэтинээҕи олохторун сырдатар этнографическай кинигэ ааптара, Польша өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай деятелэ, суруйааччы Вацлав Серошевскай хос сиэнэ Сюзанна Серошевская анаан-минээн кэлэ сылдьар.

Сахалар үгэс буолбут олохторун уонна култуураларын сырдатар научнай үлэ ааптарын олоҕун салҕааччы Сюзанна Серошевская Варшава түмэлин реставратор-худуоһунньуга. Кини кэргэнин, геолог идэлээх Ян Ролевичтыын кэлэ сылдьар. Урут уруккуттан Сюзанна эһэтэ сыылкаҕа сылдьыбыт сиригэр кэлиэн олус баҕарар эбит. Ол иһин дьааҥылар ыҥырыыларын быһа гыммакка, бары былаанын уларытан, Олоҥхо ыһыаҕар анаан ыалдьыттыы кэлбит. «Вацлав Серошевскай удьуорун салҕааччылара тэнийэн эрэбит. Ол курдук, учуонай икки кыыс сиэниттэн, үс хос сиэн, кинилэртэн сэттэ хос-хос сиэн төрөөн, аатырбыт эһэбит аатын-суолун көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэн иһэбит», — диэн бэлиэтээтэ кини.

Сюзанна Серошевская биир улахан баҕа санаата – саха тылын үөрэтии. Сотору кэминэн саха тылын үөрэтэн баран, Ытык Дьааҥы сиригэр олохтоохтук ыалдьыттыы кэлэрин туһунан санаатын үллэһиннэ.

This post was published on 28.06.2016 22:36 22:36