Кыайыы күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Аҕа дойду улуу сэриитигэр олоҕун толук уурбут, 20-с гвардейскай салгын-десантнай стрелковай полк рядовойа Яков Дмитриевич Левиҥҥа анаммыт «Кыһыл Сулус» уордьаны сиэнигэр туттарда. Ол туһунан регион баһылыга тус телеграм-ханаалыгар суруйда.
Саха АССР Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун Табаҕа сэлиэнньэтин олохтооҕо Яков Левин Сэбиэскэй аармыйа кэккэтигэр Чурапчы байыаннай комиссариатынан 1941 сыллаахха ыҥырыллыбыта.
Байыаннай сорудаҕы эҥкилэ суох толорууга хорсунун уонна дьоруойдуу быһыытын иһин киниэхэ 1943 сыллаахха «Кыһыл Сулус» уордьан бэриллэригэр уураахтаммыта.
«Яков Дмитриевич наҕараадатын ылбакка, 1944 сыл тохсунньу 2 күнүгэр сэрии толоонугар охтубута. Кини көмүс уҥуоҕа Украинаҕа Кировоградскай уобалас Аджарскай оройуонун Николаевкатын чугаһыгар кистэммитэ. Ити эрээри, бүгүн, 79 сыл буолан баран, наҕараада Геройун булла, РФ оборонаҕа министиэристибэтин Россиятааҕы байыаннай-историческай уопсастыба көмөтүнэн», — диэн суруйда Айсен Николаев.
This post was published on 09.05.2022 14:04 14:04