Сэрии бэтэрээннэрин дьиэлииргэ Саха сирэ федеральнайдааҕы бюджеттан 11 мөл солк ылыаҕа

Россия бырабыыталыстыбата дойду субъектарыгар 352 мөл солк субвенция биэриини быһаарда. Үбүнэн сэрии бэтэрээннэрин дьиэнэн хааччыйар сорук турар. Саха сиригэр 11 мөл тахса солк көрүлүннэ, диэн СИА иһитиннэрэр.


Дойду бырабыыталыстыбата муус устар 3 күнүгэр Аҕа дойду улуу сэриитин бэтэрээннэрин, сэрии толоонугар охтубут, өлбүт сэрии инбэлииттэрин, кыттыылаахтарын огдооболорун дьиэнэн хааччыйыыга дьаһал таһаарда.

Бу сыалга РФ тутуу министиэристибэтин саппаас пуондатыттан 352 мөл солк көрүлүннэ. Үбүлээһин регионнарга тыырыллар. Саха сирэ 11,063 мөл солк ылыаҕа.

This post was published on 09.04.2020 13:12 13:12