Сэрии бэтэрээннэригэр биирдии мөлүйүөнү биэриэхтэрэ

Хаартыска: Саха сирэ саайт

Ыам ыйын 6 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Кыайыы 79 сылын көрсө, Саха сиригэр олорор, Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтарыгар 1-дии мөлүйүөн солкуобайы биэрэр туһунан ыйааҕа таҕыста.

“Биһиги ытык иэспит – Дьоруойдарга дьоһун кырдьар саастарын хааччыйыахтаахпыт, кинилэр биһиги уҕараабат  болҕомтобут, кыһамньыбыт үөһүгэр сылдьыахтаахтар. Кинилэр хорсун быһыыларын биһиги өйдүүбүт, киэн туттабыт!” — диэн Айсен Николаев телеграм-ханаалыгар суруйда.

Саха сиригэр, бүгүҥҥү туругунан, Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии бэтэрээннэрэ – 13 киһи, тыыл бэтэрээннэрэ, блокадниктар – 2 тыһыынча кэриҥэ киһи, сэрии кэмин оҕолоро – 12 261 киһи олорор.

Кыайыы күнүн көрсө кинилэргэ 5-тии, 10-нуу, 20-лии тыһыынча солкуобай, барыта 6 мөлүйүөн солкуобайтан тахса суумалаах төлөбүр муус устар ыйга төлөннө, суруйда Саха сирэ саайт.

This post was published on 07.05.2024 12:33 12:33