Сэрии бэтэрээннэригэр 75 тыһ. солк. биэриэхтэрэ

Президент Владимир Путин Кыайыы 75 сылыгар сэрии уонна тыыл бэтэрээннэригэр көрүллэр төлөбүр кээмэйин эттэ. 


Судаарыстыба баһылыга Санкт-Петербурга бэтэрээннэри уонна уопсастыбаннай патриотическай түмсүүлэри кытта көрсүһүүтүгэр урукку өттүгэр сэрии бэтэрээннэригэр 10 тыһ.солк, тыыл бэтэрээннэригэ 5 тыһ.солк. кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүр көрүллэрин санатта.

«Быйыл Кыайыы 75 сылынан, сэрии бэтэрээннэригэр уонна кинилэргэ тэҥнээхтэргэ — 75 тыһ.солк., онтон тыылга үлэлээбиттэргэ — 50 тыһ.солк. бэриллиэ«, — диэтэ кини.

Президент дойду үрдүнэн Кыайыы үбүлүөйүгэр элбэх тэрээһин бэтэрээннэри өйүүргэ анаан ыытылларыгар эрэнэрин биллэрдэ диэн, РИА-Новости суруйар.

«Волонтердар үлэлэригэр эрэнэбин, биһиэхэ олус интэриэһинэй уонна талааннаах ыччаттаахпыт, кинилэр бэтэрээннэри өйүүргэ араас үлэни ыыталлар«, — диэн бэлиэтээтэ Владимир Путин.

Санатар эбит буоллахха, Кыайыы күнүгэр анаан Саха сирин салалтата сэрии кыттыылаахтарыгар уонна сэрии инбэлииттэригэр биир кэмнээх 100 тыһ.солк. кээмэйдээх көмө көрөрүн иһитиннэрбитэ.

This post was published on 20.01.2020 09:36 09:36