Президент Владимир Путин Кыайыы 75 сылыгар сэрии уонна тыыл бэтэрээннэригэр көрүллэр төлөбүр кээмэйин эттэ.
Судаарыстыба баһылыга Санкт-Петербурга бэтэрээннэри уонна уопсастыбаннай патриотическай түмсүүлэри кытта көрсүһүүтүгэр урукку өттүгэр сэрии бэтэрээннэригэр 10 тыһ.солк, тыыл бэтэрээннэригэ 5 тыһ.солк. кээмэйдээх биир кэмнээх төлөбүр көрүллэрин санатта.
«Быйыл Кыайыы 75 сылынан, сэрии бэтэрээннэригэр уонна кинилэргэ тэҥнээхтэргэ — 75 тыһ.солк., онтон тыылга үлэлээбиттэргэ — 50 тыһ.солк. бэриллиэ«, — диэтэ кини.
Президент дойду үрдүнэн Кыайыы үбүлүөйүгэр элбэх тэрээһин бэтэрээннэри өйүүргэ анаан ыытылларыгар эрэнэрин биллэрдэ диэн, РИА-Новости суруйар.
«Волонтердар үлэлэригэр эрэнэбин, биһиэхэ олус интэриэһинэй уонна талааннаах ыччаттаахпыт, кинилэр бэтэрээннэри өйүүргэ араас үлэни ыыталлар«, — диэн бэлиэтээтэ Владимир Путин.
Санатар эбит буоллахха, Кыайыы күнүгэр анаан Саха сирин салалтата сэрии кыттыылаахтарыгар уонна сэрии инбэлииттэригэр биир кэмнээх 100 тыһ.солк. кээмэйдээх көмө көрөрүн иһитиннэрбитэ.