Сергей Попов: «Конституцияҕа уларытыылар ыччаты наукаҕа сирдииллэр»

«Саха сирин ыччата наукаҕа киэҥ билиилээх буолуохтаах. РФ саҥа Конституцията дойду научнай уонна технологическай кэскилин мэктиэлиир», — диэн СӨ Наукатын академиятын тутаах учуонай сэкирэтээрэ Сергей Попов санаатын үллэстэр.


“Биһиги кыраайбыт научнай-үөрэххэ эйгэтин сайыннарыы – Саха сирин олохтоохторун олоҕун хаачыстыбатын үрдэтии. Төрүт сокуоҥҥа уларытыыларга биһиги дойду научнай-технологическай кэскилин өйөөһүнү , наука ситиһиилэрин уонна кыаҕын сайыннарыыны көрдүбүт. Балар өрөспүүбүлүкэбитигэр эрэ буолбакка, дойдубутугар бүттүүнүгэр күрэстэһиини хааччыйыахтаахтар”, — диэтэ кини СИА-ҕа.
Сергей Попов кэнники сылларга ыччат наукаҕа дьулуспат буолбутун бэлиэтээтэ. Былаас уорганнарыгар дуоһунаска дураһыйаллар эбэтэр ситиһиилээх урбаанньыт буолуохтарын баҕараллар. Ол эрээри, бүгүн Конституция дойду технологическай сайдыытыгар сөптөөх туһаайыыны оҥорор, маныаха бу өттүгэр бэйэтин көрдөрбүт ыччат быдан кэскиллээх буолуоҕа. “Сорох сирдэргэ үөрэх хаачыстыбата айгырыыр. Мин урут муниципалитеттары бөҕөргөтүү эбэтэр дойдубут уонна эрэгийиэммит наукаларын академиятын тирэх оскуолалара балаһыанньаны көннөрүөхтэрэ дии саныырым, оттон билигин Төрүт Сокуон бу хайысхаҕа үтүө түмүгү биэриэ диэн көрөбүн”, — диэтэ түмүгэр Сергей Попов.

This post was published on 23.06.2020 15:01 15:01